Сунтаар Кутанатыгар Валентина Григорьевна Дьячковская-Хара Көмүс диэн суруйааччы, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ олорор.
Тохсунньу 13 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан литература мусуойугар кини түөрт дьоһуннаах кинигэтин (ол иһигэр, “Куорсун аспыт Бүлүүбүт кыһатыгар”, Чалыкушу”, “Күүтүллүбэтэх күндү тыллар”) сүрэхтиир далааһыннаах тэрээһинэ буолла.
Валентина Дьячковская бэйэтэ сүүрэн-көтөн, үс түһүмэхтээн, киһи эрэ сөҕүөн-махтайыан, сүргэтэ көтөҕүллүөн курдук ис сүрэҕиттэн дьоро түгэни тэрийэн, олоҕор бииргэ алтыспыт, айбыт-туппут, айар куттаах доҕотторун мунньан, барыларын матарбакка кинигэлэрин, бэйэ оҥоһуга кэрэ бэлэхтэрин, эмтээх отторун, хатыҥ чээрэтигэр, этиҥ түспүт маһыттан тырыыҥкатыгар тиийэ туттартаан, сахалыы астаах-үөллээх сандалыга күндүлээн-маанылаан, умнуллубат көрсүһүүнү тэрийдэ.
Биир да тэрилтэҕэ сигэммэккэ, тойоҥҥо-хотуҥҥа сүгүрүйбэккэ, бэйэтин күүстээх санаатынан, тэрийэр сатабылынан, дэлэгэй майгытынан бу маннык үрдүк таһымнаах тэрээһини, ыраахтан айаннаан кэлэн, анаан-минээн оҥорон сөхтөрдө.
Мин кыыспар Наталия Асамоваҕа икки кинигэтин таҥан оҥорбутугар махталын биллэрдэ.
Манна эбэн эттэххэ, Валентина Григорьевна байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьааччылары өйүүр “Якутия с тобой” диэн уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа кыттан, бэйэтин улахан кылаатын киллэрсэ сылдьар. Кини курдук үтүө сүрэхтээх, патриот дьон көмөтүнэн бу штаб олус туһалаах үлэни ыытар. Анараа суоһар кирбиигэ сылдьар оҕолорбут санааларын көтөҕөргө, «дойдугут, дьоҥҥут эһигини кытары бииргэлэр» диэн өйдөбүлү үөскэтэргэ түбүктээх уонна түмүктээх үлэни көрсөллөр. Уолаттарбыт барахсаттарга гуманитарнай көмө тиийэ турар, уоппускаҕа кэлбиттэр уонна мантан саҥа барааччылар эмиэ бу штабтан алгыстанан, таҥнан-саптан бараллар.
Саргылана СПИРИДОНОВА-КЭРЭМЭС КИЙИИТЭ
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…