Дьэлиҥдэҕэ дьиэ тутуллар, кууруссаны да тиэртилэр
Өлөөн улууһун Дьэлиҥдэ нэһилиэгэр сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэри баттаһа үлэ бөҕө ыытыллар. Ол курдук, манна 4 кыбартыыралах биир дьиэ уонна икки этээстээх дьиэлэри туталлар. Тутууну “Норд-Мост” тэрилтэ ыытар.
Нэһилиэк баһылыга Александр Егоров кэпсииринэн, бөһүөлэккэ успуорт саалатын өрөмүөннүүллэр. Онно олохтоох биригээдэ таһаарыылаахтык үлэлиир. Өссө “ОДьКХ” ГУП филиалын учаастага ититэр ситим тыраассатын уларытар. Онон үлэ күөстүү оргуйар.
Олохтоох оскуола сайыҥҥы үс лааҕырыгар оҕолор үөрэ-көтө сынньаналлар. Кинилэргэ “Өлөөн” ГУП салайааччыта Анатолий Егоров 12 кууруссаны бэйэтин харчытынан атыылаһан бэлэхтээтэ. Онон оҕолор кууруссаларын көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, иллэрээ күн Дьэлиҥдэҕэ 159 кууруссаны аҕалан сайаапканан түҥэттилэр. Кууруссалар ыраах айаны этэҥҥэ тулуйбуттар. Ол эмиэ улахан үөрүү. Ити курдук, ыраах Дьэлиҥдэ сэргэхтик олорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: