Дельталетынан халлааҥҥа кыырайан тахсан дьону соһутта

Share

Бу күннэргэ Чурапчы олохтооҕо Иннокентий Новгородов дельталетынан Таатта улууһун Даайа Амматыгар көтөн тиийбитин туһунан видео-устуу батсаабы толорон, ону көрөн-истэн, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут.

“Биһиэхэ, сахаларга, мындыр өйдөөх рационализатордар да бааллар эбит ээ” диэн үөрбүппүт.

Дьиҥэр, дельталетынан көтүү дойду соҕуруу куораттарыгар сайдыбыт аҕай көрүҥ эбит. Өссө араас күрэхтэһиилэри тэрийэллэрин интэриниэккэ булан көрдүм. Оттон бу дельталеты Иннокентий Новгородов ханна сакаастаан оҥорторбута буолуой?..

Оҕо сылдьан Кеша Новгородов үрдүк мэҥэ халлааны көрө-көрө, “Эчи, хаарыаны, лүөччүк буолбут, куйаар устун чыычаах курдук көҥүл көтө сылдьыбыт киһии…”, — диэн баҕа санаалааҕа.  61 сааһыгар тиийэн баран, Чурапчы олохтооҕо ыра санаатын дьэ толордо.

Соторутааҕыта дельталетынан кыырай халааҥҥа көтөн тахсан, буолаары буолан, Чурапчыттан 100 км тэйиччи турар Таатта улууһун Даайа Амматыгар холкутук көтөн тиийэн, Саха сирин олохтоохторун соһуппут мындыр өйдөөх саха киһитэ Иннокентий Новгородов  «Саха сирэ» хаһыат сарсыҥҥы чэппиэрдээҕи нүөмэрин кэрэхсэбиллээх ыалдьытынан буолла.

«Туох да диэбит иһин, көтө үөрэммэтэх киһиэхэ халлааҥҥа көтөн тахсыы кутталлаах буолуо ээ?» —— диэн ыйытыыбар, сэһэргэһээччим «Биллэн турар, кутталлаах. Үөрэхтээх, бэйэтигэр эрэллээх эрэ киһи көтөр.  Дельталет — матасыыкыл дуу, массыына дуу буолбатах. Ол эрээри төһө да куттаннарбын, баар баара өтөн,  биир күн хонуунан намыһахтык көтө сылдьан, нууччалыы эттэххэ, “азарпар” киирэн “гаастаан” кэбиспитим!

Төһөлөөх үгүс орто саастаах дьон, “саас баттаата” эбэтэр “аны кэлэн туохха тардыһар үһүбүн” диэн сааһырыы боруогар үктэммит орто омурҕаннарын бэлиэтиир кэмнэриттэн олоххо көхтөрө намтаабытынан барара буолуой? Оттон сорохтор бу Иннокентий Новгородов курдук олох биэрэр күндү түгэннэрин эттэринэн-хааннарынан билээри, тустаах соругу туруоран, халлаан куйаарыгар тиийэ көтөллөр.

Сарсын чэппиэрдээҕи хаһыакка Иннокентий Новгородов Ленинградка архитектор үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан, тоҕо 4-с куурустан үөрэҕин бырахпытын, убайыгар 40 сыллааҕыта туох диэн бигэ тылын биэрбитин, дельталетыгар олорон көтөн иһэн тугу саныырын уонна да атын үгүс санаатын үллэстибитин туһунан суруйбуппун, хайаан да булан ааҕыҥ.

Видео-устуу.

Хаартыска уонна видео — Иннокентий Новгородов тиксэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago