От ыйыгар Амурскай уобаласка “Уһук Илин уонна Арктика демографическай сайдыыта” диэн VIII Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмипириэнсийэ буолуоҕа. Онно оҕо төрөөһүнүн элбэтэр, демографическай балаһыанньаны тупсарар туһунан кэпсэтиэхтэрэ.
Саха сирэ нэһилиэнньэ эбиллиитинэн Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар инники күөҥҥэ сылдьар. Быйыл өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаана 999 тыһыынча киһини куоһарда, 1 мөлүйүөн ахсааны ситиһэр сорук турар диэн СИА суруйар.
Төрөөһүн эбиллэригэр көмө саҥа миэрэлэрэ киирэллэр. Үстэн элбэх оҕолоох ыаллар 151 690 солкуобай суумалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын ылаллар. 2022 сылтан саҥа төрөөбүт оҥо 100 тыһыынча солкуобайдаах хапытаалы ылар.
Үс оҕолоох ийэ Лола Захарова судаарыстыбаттан федеральнай уонна эрэгиийэннээҕи бары көмөнү ылбыта. Бу көмө дьиэ кэргэн олоҕун таһымын үрдэтэригэр, дьиэ-уот ылынарыгар туһалаах диэн кини этэр.
— Дьиэ кэргэттэргэ маннык көмө баарын иһин бэрэсидьиэн Владимир Путиҥҥа уонна Айсен Николаевка махталбын тиэрдэбин. Элбэх оҕолоох ыалларга бу улахан көмө. Маннык көмө суоҕа буоллар, оҕолорбун хайдах иитиэм этэй? Онон, маннык көмө баарын тухары, Уһук Илиҥҥэ төрөөһүн эбиллэ, нэиһлиэнньэ элбии туруо диэн эрэллээхпин, — диэн кини эттэ.
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.