Демографияны тупсарыы өттүгэр Саха сирэ инники күөҥҥэ сылдьар
Демографияны тупсарыы өттүгэр Саха сирэ эмиэ инники күөҥҥэ сылдьар. Оҕо төрөөһүнүгэр өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин бастакы, дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ турар.
2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 31,9 тыһыынча киһинэн нэһилиэнньэ элбээтэ. Оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ, биллэн турар, бастакыбыт, оттон дойду үрдүнэн сэттис миэстэҕэ сылдьабыт. Аны туран, Уһук Илин эрэгийиэни олохсутуу бырагырааматынан, үлэ миграциятынан кэнники сылларга Саха сиригэр элбэх киһи кэллэ.
Сөптөөх үлэ баран, бырагыраамалар ылылланнар, ааспыт сылга 2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, үлэтэ суох буолуу көрдөрүүтэ 7,1% кыччаабыт, ол эбэтэр 1,9 тыһыынча үлэ булбут. Орто хамнас эмиэ ааспыт сылга, ол иннинээҕи сылы кытары тэҥнээтэххэ 13,3% үрдээбит. Нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота 1,9% үрдээтэ.
Санатар буоллахха, Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олохтоохторун ахсаана элбии турар соҕотох эрэгийиэнинэн буолар. Саха сирин демографиятын РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хайҕаабыта. Маны Судаарыстыбаннай консалтинг департаменын салайааччы Григорий Добромелов этэринэн, төрүт үгэстэри уонна ыччаты өйүүр бэлиитикэ үтүөтүнэн эрэгийиэн үчүгэй көрдөрүүлээх. «Арассыыйа сүрүн болҕомтону дьиэ кэргэҥҥэ уурар. Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этэр. Сиэр-майгы, духуобунай сыаннастары үйэтитиигэ уонна бөҕөргөтүүгэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ олуга мээнэҕэ ылыллыбатахтара. Саха сирэ маны ыччат уонна социальнай бэлиитикэ хайысхатыгар сайыннарар уонна үксэтэр. Ол түмүгэр, ыччат инникитин саныыр, демографиескай көрдөрүү үрдүүр. Айсен Николаев Николаев хамаандата өрөспүүбүлүкэ инникитин сөпкө ойуулаата», — диэн политолог бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: