Денис Пушилин Донбасс куораты чөлүгэр түһэриигэ Саха сирэ көмөтүн иһин махтанна
Арассыыйа уонна ДНӨ Дьоруойа Дмитрий Егоров «Сунтаар» убайа Алексей Егоров Донецкайга ДНӨ баһылыга Денис Пушилины кытта көрүстэ диэн байыаннай дьайыы зонатыгар суһал ыстаап бэрэстэбиитэлэ Екатерина Винокурова иһитиннэрдэ.
Көрсүһүү кэмигэр ДНӨ Баһылыга Дмитрий Егоров Сунтаар улууһуттан муора пехотинеһа хорсуннук сэриилэспитин туһунан санатта. Оттон балаҕан ыйын 9 күнүгэр Дмитрий Егоров өстөөх тэҥэ суох күүстэрин кытта кыргыһыыга киирээт, позициятын хаалларбатах уонна утарсааччылары тохтоппут. Киниэхэ ДНӨ уонна Арассыыйа Дьоруойун аатын иҥэрбиттэрэ.
«Биһиги хорсун буойун дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар махтанабыт уонна ыар сүтүгү эһигитини кытта тэҥҥэ үллэстэбит. Дмитрий Егоров курдук оҥорбут хорсун быһыытынан, кыайыы ситиһиитигэр суол оҥоһуллар. Дьиэ кэргэттэригэр чулуу оҕону иитиигэ, Ил Дархаҥҥа уонна Саха сирин олохтоохторугар Донбасс куораты чөлүгэр түһэриигэ тугунан да сыаналаммат көмөҕүт иһин махтанабын», — диэтэ Денис Пушилин. ДНӨ баһылыгыгар Алексей Егоров Дмитрий Егоровка үрдүк сыанабылын иһин махтанна.
«Саха сирэ уонна Донбасс икки ардыларыгар фашизмы утары охсуһууга үйэлээх бырааттыы буолуу санаата үөскээтэ. Биһиги дьиэ кэргэммит Дмитрий Егоров кэриэстэбилигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһаргыт иһин Саха сирин олохтоохторугар уонна салалтатыгар махтанабыт», – диэтэ Алексей Егоров.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: