Салгыы
Денис Савостин Мархатааҕы сибиинньэ комплексын биэс сыллаах сайдыытын билиһиннэрдэ

Денис Савостин Мархатааҕы сибиинньэ комплексын биэс сыллаах сайдыытын билиһиннэрдэ

02.11.2022, 10:00
Бөлөххө киир:

 «Сибиир» Мархатааҕы сибиинньэ комплекса биэс сыллаах сайдыытын торумнаабыт. Ону  комплекс баһылыга Денис Савостин билиһиннэрдэ:

Соторутааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко СӨ Эргиэн-бырамыысыланнас палаататын тэрийиитинэн  тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттары кытта көрүстэ.

Көрсүһүүгэ В.Ф.Кабохин аатынан “Сибиир” Мархатааҕы племенной сибиинньэ комплексын бааһынай хаһаайыстыбатын  баһылыга,  тустаах палаатаҕа тыа хаһаайыстыбатын уонна аһы-үөлү оҥорон таһаарыыга эйгэтигэр урбааны сайыннарыыга кэмитиэтин салайар уонна Арассыыйаҕа Эргиэн-бырамыысыланнас палаататын АПК сайыннарыыга чилиэнэ Денис Савостин аска-үөлгэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга уонна кэлимсэ быһаарыылары ылыныы былааныгар санаатын үллэһиннэ.

Денис Анатольевич каадыр кыһалҕатын уонна идэҕэ стажировканы тэрийиигэ тохтоото. Кини оҥорон таһаарыыны сайыннарар уонна тэхиньиичэскэй өттүнэн саҥардыы туһунан эттэ. Ону сэргэ агрологистикаҕа уонна батарыыга тохтоон, күрэстэһэр кыаҕы үрдэтиигэ болҕомтону туһаайда.

“Нэһилиэнньэ хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн быыстала суох  хааччыллыахтаах – хаһан баҕарар, ханна баҕарар наадыйыытынан. Онон ас-үөл толору уонна үрдүк хаачыстыбалаах буоларыгар кыһаныахтаахпыт. Уонна бу сорудаҕы толорорго чопчу соруктар туруохтаахтар”, — диэн бэлиэтээтэ Денис Анатольевич.

Бастатан туран, туохха ордук боҕомто ууруллуохтааҕый? Ол курдук, олохтоох оҥорон таһаарыы таһыма үрдүөхтээх уонна эрэгийиэн бэйэтин хааччынар кыахтаах буолуохтаах. Бу үлэҕэ холобур быһыытынан “Сибиир” Мархатааҕы племенной сибиинньэ комплексын бааһынай хаһаайыстыбатын биэс сылаах сайдыыга былаанын ылыахха сөп. Онон Д.А.Савостин быһаччы маннык этиилэри киллэрдэ:

— сибиинньэ этин оҥорон таһаарыы кээмэйин икки төгүл үрдэтэргэ уонна хаһаайыстыбатын саҥардар-тупсарар үлэни ыытарга, ол эбэтэр 2023 сылга тыыннаах ыйааһынынан — 700 туоннаҕа, 2025 сылга – 7000 т. тиэрдэргэ;

— балачча көдьүүстээхтик  оҥорон таһааран, бородууксуйа бэйэҕэ турар сыанатын намтатыахха уонна сибиинньэттэн ылыллар бородууксуйа арааһын кэҥэтиэххэ;

— сибиинньэни иитии аныгы технологиятын туһаныахха;

— оҥорон таһаарыыга уонна дьаһалтаҕа саҥа куорпустары, убуойунай сыаҕы, үлэһиттэргэ уопсай дьиэни тутуохха. Ону тэҥэ   инженернэй инфраструктураны —  ыраастыыр тутуулары уонна уотунан хааччыйар ситими оҥоруохха;

— бородууксуйа киһиэхэ куттала суох буолуутун үрдэтиэххэ;

— астанар-үөллэнэр бородууксуйа киһи хараҕар хатанар тас көстүүлээх (хаалаах-суулаах) буолуохтаах.

Хаартыскаҕа: Д.Савостин (комплекстан ыыттылар)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: