Салгыы
«Дьэҥкир муус» аахсыйа көхтөөхтүк ыытылынна

«Дьэҥкир муус» аахсыйа көхтөөхтүк ыытылынна

Ааптар:
12.11.2022, 16:09
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр «Дьэҥкир муус» диэн аахсыйа көхтөөхтүк ыытылынна.

Бу үтүө күн нэһилиэкпит эр дьоно турунан туран, быстах байыаннай хомуурга барбыт уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, нэһилиэк аҕам саастаах дьонугар муус ыллылар. Үлэ сарсыардаттан күөстүү оргуйан олордо. Эрбии тыаһа, мууһу таһаарыы, сааһылаан ууруу ньиргиччи ыытылынна. Көрүөхтэн кэрэ, астык.

Күргүөмнээх үлэни «Анык» ыччат түмсүүтүн салайар Дьулуур Николаевич Гуринов, «Атамай хоһууннара» эр дьон түмсүүтүн салайар Дмитрий Никонтович Аввакумов, нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын эр дьоно тэрийэн, иилэн-саҕалаан ыыттылар. Онон нэһилиэк иһэ сэргэхсийэ, санаабытыгар уратытык сырдыы түспүккэ дылы буолла. Үтүө сонун дьиэ иһин толордо, үөрүү-көтүү буолла. Киһи дьоҥҥо үтүө сыһыана күн чаҕылыччы тыгарын курдук сырдыгынан сыдьаайар.

Үтүө санаалаах дьоммутугар мэлдьи ситиһии эрэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!

Валентина Яковлева,

Горнай, Бэс Күөлэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: