Дэриэбинэҕэ олорон уоран арыгы атыылаабыт

Дэриэбинэҕэ олорон уоран арыгы атыылаабыт

04.04.2023, 10:23
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Аһыы утах маҕаһыыннарга атыыланар бириэмэлээх. Ол эрээри сорох харам дьон харчылаһар туһуттан «туочука»  аһан, аһыы утаҕы түүннэри-күнүстэри атыылыахтарын сөп. Маннык быһыы сокуону кэһии буолар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо көҥүлэ суох арыгы атыылаан тутуллубут.

Ол курдук, 1979 сыллаах дьахтар эрдэ маннык буруйу оҥорон административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт. Ол эрээри оҥорбут буруйугар  түмүк оҥостубакка, төһө эрэ кэм буолан баран эмиэ арыгы атыылаан харчылаһарга санаммыт.

Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 171.4 ыст. сокуону кэһэн туран арыгы атыылаабытын иһин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокоротуурата бу холуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөбүт.

Холуобунай дьыаланы көрүү түмүгүнэн, буруйданааччыны 50 тыһыынча солкуобай ыстараап төлүүргэ уураахтаабыттар. Бириигэбэр сокуон күүүһүгэр киирэ илик.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
1 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: