Дьиэ атыылаһаары түөкүттэргэ түбэспит…
Өлүүлэһэн тутууга кыттаары биир дьахтар түөкүттэргэ түбэспитин туһунан http://mvdmedia.ru суруйар. Ол курдук 47 саастаах Армения олохтооҕо өлүүлэһэн тутуу ыытабын диэн, үс сыл устата Саха сирин олохтооҕуттан үп-харчы ылан туһаммыт.
Түөкүн албыннаан ылбыт харчытын суотугар икки массыынаны атыыласпыт. Хоромньу уопсайа 1,6 мөл. солк. Түөкүн тутуллан, сотору кэминэн суут иннигэр эппиэккэ тардыллыаҕа.
Силиэстийэ түмүгүнэн биллибитэ, уорбаланааччы олох даҕаны тутуунан дьарыктаммат эбит. Түргэнник харчы «өлөрөр» сыалтан, эмсэҕэлээччи харчылааҕын билэн, кинини албынныырга быһаарыммыт. Итиэннэ сымыйа докумуоннары оҥостубут. Дьахтар онно итэҕэйэн, Дьокуускай куоракка Свердлов уулуссатыгар икки хостоох кыбартыыраны атыылаһарга сымыйа дуогабарга илии баттаабыт.
Түөкүнү бу күннэргэ Новосибирскайга туппуттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: