Дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр стратегическай сиэссийэ ыытылынна

Share

Кулун тутар 13 күнүгэр XII Гражданскай пуорум чэрчитинэн, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ СӨ Ил Дарханын иһинэн инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатын кытары «Дьиэ кэргэн бэлиитикэтэ СӨ сайдыытын төрүөтүн быһыытынан» диэн стратегическай сессияны тэрийдилэр.

Тэрээһиҥҥэ РФ Уопсастыбаннай балаататын демографияҕа, дьиэ кэргэн, оҕо аймах харыстабылыгар уонна дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарыгар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Рыбальченко кытынна. СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Елена Теплякова өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн сылын былаанын билиһиннэрдэ. Сергей Рыбальченко Саха сиригэр дьиэ кэргэни өйөөһүн ситимнээхтик уона тиһигин быспакка ыытылларын бэлиэтээтэ.


Стратегическай сиэссийэ түмүктэринэн элбэх оҕолоох, оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэттэртэн, уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн турар хамаандалар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ, социальнай тулаайах хаалыы кутталын намтатарга бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр.
Елена Теплякова эппитинэн, Гражданскай пуорум түмүгэр уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна дьиэ кэргэттэр киллэрбит этиилэринэн резолюция ылыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago