Дьиэ кэргэн династиялара бэйэлэрин бииcинэстэрин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа быыстапкаҕа көрдөрдүлэр

Арассыыйа урбаанньыттарын күнүн көрсө Судаарыстыбаннай Дуумаҕа «Арассыыйа эрэгийиэннэрин биисинэс-династиялара» төрдүс Бүтүн Арассыыйатааҕы хаартысканан быыстапката аһылынна. Тэрийээччинэн Судаарыстыбаннай Дуума Дьиэ кэргэн, дьахтар уонна оҕо боппуруостарыгар кэмитиэтэ буолар.
РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова кэпсээбитинэн, дойду араас эрэгийиэннэриттэн 80-н тахса дьиэ кэргэн биисинэһин бастыҥнарын хаартыскалара быыстапкаҕа турбут. Ол иһигэр биһиги биир дойдулаахтарбыт: Андреевтар дьиэ кэргэттэрэ – гостиничнай биисинэһинэн дьарыктанар «Арктика» САУо уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор эйгэлэригэр өҥөнү оҥорор Постниковтар бааллар.
Тэрийээччилэр бэлиэтээбиттэринэн, РФ Атыы-эргиэн-бырамыысыланнай балаататын сүрүн сыаннаһынан – Арассыыйаҕа дьоҕус биисинэс төрүттэнэригэр олохтоммут үтүө үгэһи салҕааһын буолар. Бүгүн дьиэ кэргэн биисинэһэ араас эйгэҕэ көстөр – өҥөнү оҥорууттан саҕалаан, бэйэ оҥорон таһаарыытыгар тиийэ. Эспиэрдэр сыаналыылларынан, дьоҕус урбаан 70% тахсата дьиэ кэргэн хампаанньаларынан биллэллэр. Оттон фермерскэй хаһаайыстыба бүүс-бүтүннүү дьиэ кэргэн хампаанньата буолар.
Бүгүн РФ Атыы-эргиэн-бырамыысыланнай балаатата дьиэ кэргэн урбаана федеральнай сокуонунан бигэргэнэригэр туруорсар. Онно дьиэ кэргэн урбаанын өйөөһүн, нэһилиэнньиктэри быһаарыы уонна даҕаны атын нуормалар чопчу суруллуохтаахтар.
Саха сиригэр 2023 с. Ил Дархан Айсен Николаев Үлэ сылынан биллэрбитэ, онон дьиэ кэргэн биисинэһэ ураты суолталаах. Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова бэлиэтээбитинэн, дьиэ кэргэн биисинэһэ өрөспүүбүлүкэҕэ сөптөөхтүк өйөнөр уонна сайдар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: