Салгыы
«Дьиэ кэргэн — дьол биһигэ» тэрээһин дьону-сэргэни түмтэ

«Дьиэ кэргэн — дьол биһигэ» тэрээһин дьону-сэргэни түмтэ

Ааптар:
13.04.2024, 18:35
Хаартыскаларга А.Хабарова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Муус устар 13 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майаҕа, үгүс дьон үөрүүлээх дьоро күннэрин бэлиэтиир «Лира» банкеттыыр саалатыгар «Дьиэ кэргэн — дьол биһигэ » диэн дьоһун тэрээһин ыытылынна.

Майатааҕы дьахталлар сэбиэттэрин ыҥырыытынан (салайааччы Екатерина Петровна Романова) Дьокуускай куораттан уол уонна кыыс оҕо оскуолаларын, уһуйааннарын төрүттээччилэр Светлана, Анатолий Бурнашевтар, «Сахат» уол оҕо оскуолатын уһуйааччыта, «Сахалыы» саха тылын үөрэтии төрүттээччитэ Ньургун Бэчигэн уонна кини олоҕун аргыһа, илиҥҥи үҥкүү оскуолатын төрүттээччи, трайбл хайысханы Дьокуускайга сайыннарааччы, үҥкүүһүт, блогер Лилия Бэчигэн, эдэр урбаанньыт, блогер, хаартыскаҕа түһэрээччи Кэрэли Кириллина үһүс кылааска үөрэнэр уолунаан Айалханныын кэлэннэр, киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар, санааларын үллэһиннилэр.

Тус олохторун холобуругар тирэҕирэн дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы тыыны иҥэриигэ аһаҕас кэпсэтии буолла.

Бу көрсүһүүнү дьиэ кэргэнинэн олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарааччы, оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ араас хайысхалаах бырайыактар ааптардара, Бөкө бөһүөлэгэр олорор, Мэҥэ Хаҥаласка уол оҕо уһуйаанын төрүттээччи Николь Егорова иилээн-саҕалаан ыытта.

Түмүккэ Елизавета, Герман Неустроевтар эҕэрдэ ырыаларын, Майа дьахталларын сэбиэтин аатыттан тэрээһин кыттыылаахтарыгар сибэкки дьөрбөтүн, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.

Августина Хабарова,

ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: