Дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах алта киинэ үлэлиир

Share

Дьокуускайга уопсастыбанньыктар  кыттыылаах «Духовно-нравственные основы материнства и актуальные вопросы общественно-государственного партнёрства на современном этапе развития общества» диэн «төгүрүк остуол» буолла.

Тэрээһиҥҥэ СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова дьиэ кэргэни өйүүргэ уонна саҥа технологиялар сайыннарарга  олоххо киллэриллэр соруктары уонна дьаһаллары билиһиннэрдэ. Биир оннук саҥаны киллэриинэн дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах кииннэрэ (СМФЦ) буолар.

«СМФЦ – Арассыыйа Үлэҕэ министиэристибэтин боруобалыыр бырайыагын чэрчитинэн киллэриллэр үлэ саҥа технологията. Ол соруга -– дьиэ кэргэҥҥэ тахсар ыарахан балаһыанньалары эрдэ сэрэтиини уонна булууну күүһүрдүү. Билигин эрэгийиэҥҥэ хайыы үйэ дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах алта киинэ Дьокуускайга, Чурапчы, Нам, Уус Алдан Өлүөхүмэ уонна Мииринэй улуустарыгар үлэлиир. Дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах кииннэрин тэрийии бырайыага РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан олоххо киллэриллэр уонна «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак биир сүрүн соругунан буолар», -– диэн Елена Волкова эттэ.
Маннык кииннэр араас өҥөнү ыларга уонна дьиэ кэргэҥҥэ тахсар балаһыанньалары быһаарарга социальнай партнердар уонна «биир кэлим түннүк» түмсэр сиринэн буолуохтаахтар.
Саха сиригэр маннык кииннэри тэрийэр соругу СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өйөөбүтэ.
Сиһилии : https://www.sakha.gov.ru/news/14377

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Көстүбэт фронт байыастара

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин эргин Саха сирин тирэх пууна баарын истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Өрөспүүбүлүкэбититтэн хомуллан тиийбит…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Борис Неустроев-Мандар Уус 80 сааһынан аахсыйа ыытыллар

Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтэ норуот уһулуччулаах маастара, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха сирин Духуобунаһын академиятын…

40 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Витус Беринг сахаларга эрэнэрэ, итэҕэйэрэ

Үс үллэр үөстээх,  үлүскэннээх сүүрүктээх Улуу Өлүөнэ эбэбит, уос номоҕор туойуллар түҥ былыргы кэмнэртэн  сири-сибиири,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн норуот бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүт күнэ

Бүгүн, алтынньы 25 күнүгэр, Саха сирин норуодунай бэйиэтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, оҕо суруйааччыта,…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Абааһы олоппоһо» (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн саҥа бырайыагар "Саха сирэ" хаһыат суруналыыһа, суруйааччы  Ульяна Захарова «Абааһы…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Туймаадалар» гостуруоллуу кэлбиттэригэр дьылҕабар махтанабын…

«Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл биир сүрүн солиһа, СӨ култууратын туйгуна Николай Роббек куолаһын, бэйэтин көрбөккө…

3 часа ago