«Дьиэ кэргэн хаартыскаҕа» куонкуруска сайаапкалары ылыы саҕаланна
Саха сирин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах “Дьиэ кэргэн хаартыскаҕа” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска сайаапкалары ылыыны саҕалаата.
Куонкурус дьиэ кэргэн сыһыаннаһыыларыгар уонна оҕону иитиигэ духуобунас, дьиэ кэргэн үгэстэрин харыстыыр, дьиэ кэргэн, ийэ уонна аҕа буолуу аптырытыатын итиэннэ хаартыска ускуустубатын нөҥүө көлүөнэр утумнаһыыларын үрдэтэр соруктаах.
Хаартысканан үлэлэр маннык номинацияларынан ылыллаллар: «Дьол түгэнэ», “Көлүөнэлэр”, “Оҕо эйгэтэ”, “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин бирииһэ”.
Сайаапкалар 2024 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр 14.00 чааска диэри ылыллаллар.
1 миэстэҕэ – 20 000 солкуобай суумалаах харчынан бириис.
2 миэстэҕэ — 15 000 солкуобай суумалаах харчынан бириис.
3 миэстэҕэ — 10 000 солкуобай суумалаах харчынан бириис туттарыллар.
“Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин бирииһин” кыайыылааҕар дипломунан уонна 10 000 солкуобай суумалаах харчынан бирииһинэн наҕараадаланар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: