Дьиэ кэргэн хапытаала икки төгүл үрдүө
Саха сиригэр оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр элбэх дьаһаллар ылыллан үлэлииллэр. «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ икки төгүл улаатарын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев, бүгүн «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар «Быһа кэпсэтии» биэриитин быһа эпииригэр кэпсээтэ.
Ол курдук, дьиэ кэргэҥҥэ үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ икки төгүл элбиэҕэ. Ил Дархан быйыл саас СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтигэр бу боппуруоһу үөрэтэргэ сорудахтаабыта.
«Дьиэ кэргэттэр оҕо төрөтөр туһунан быһаарыыны федеральнай өйөбүлгэ эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүгэр тирэҕирэн ылыныллара суолталаах. Биэс сыл иһигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйөөһүн кээмэйэ сэттэ төгүл – 3,5 млрд-н 26,5 млрд солкуобайга диэри улаатта. Быйыл үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын икки төгүл, 150 тыһыынчаттан 300 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыннарар быһаарыы ылынным», – диэтэ Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: