Дьиэ кэргэн хапытаалын туһаныы болдьоҕо уһатылынна
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүн боппуруостарыгар мунньаҕар Дьиэ кэргэн хапытаалын бырагырааматын уһатар туһунан эттэ.
Бырагыраама 2026 сыл бүтүөр диэри үлэлиэҕэ. Бэрэсидьиэн бэлиэтээбитинэн, Дьиэ кэргэн хапытаалын ылааччы араҥа элбээбитэ, ол эбэтэр бастакы оҕону төрөппүт ыал эмиэ ылар бырааптаммыта. Онон Арассыыйаҕа мөлүйүөн кэриҥэ ыал Дьиэ кэргэн хапытаалын ылар. 2023 сылга Дьиэ кэргэн хапытаала бастакы оҕоҕо – 590, иккис оҕоҕо 780 тыһыынча солкуобай буолара күүтүллэр.
Манна сыһыаран эттэххэ, РФ “Сиэрдээх Арассыыйа – Кырдьык иһин” фракция дьокутааттара сокуон барылыгар үһүс оҕоҕо эмиэ 1,399 мөлүйүөн солк. төлүүргэ көҕүлээһини оҥорбуттара. Маннык дьаһаллар дойдуга демография кыһалҕатын быһаарарга уонна оҕо төрөөһүнэ элбииригэр көмөлөһүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: