Дьиэ кэргэн ипотеката уһатылынна

Дьиэ кэргэн ипотеката уһатылынна

18.10.2022, 07:39
Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата дьиэ кэргэн ипотекатын 2024 сылга диэри уһатта. Бу туһунан уураахха РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Онон бу чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн 2018 сылтан 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри оҕоломмут ыал туһаныан сөп.

Санатан эттэххэ, бу чэпчэтиилээх ипотека 2018 сыллаахха киирбитэ. Бу бырагырааманан 6 % кирэдьиит ылан, оҕолоох ыаллар кыбартыыра, уһаайба ылар эбэтэр чааһынай дьиэ туттар кыахтаммыттара. Бу анал бырагыыраманан 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри оҕоломмут ыал туһанар эбит буоллаҕына, билигин саҥа уурааҕынан 2024 сыл бүтэһигэр диэри оҕоломмут ыал чэпчэтиилээх ипотеканы ылар кыахтанна. Ипотека дуогабарын 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри оҥорсуохха сөп.

Дьиэ кэргэн ипотеката алта бырыһыаннаах, Москва, Санкт-Петербург, Москва, Ленинград уобаластарыгар 12 мөлүйүөн солкуобайга диэри кирэдьиити ылыахха сөп. Атын эрэгийиэннэргэ бу суума алта мөлүйүөн солкуобайынан быһыллан турар. Быйыл манна уларытыылары киллэрэннэр, чэпчэтиилээх ипотека муҥутуур суумата 30 уонна 15 мөлүйүөн солкуобайга диэри улааппыта. Ол эрээри мантан судаарыстыба уон икки уонна алта мөлүйүөнүн эрэ субсидиялыыр, хаалбыт сууматын кирэдьиит ырыынагынан быһыллыбыт бырыһыанынан эбэтэр атын субсидиялаах ыстаапканан ылыахха сөп. Бу бырагырааманан барыта 400 тыһыынчаттан тахса ыал туһаммыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: