Салгыы
Дьиэ кэргэн ипотекатын усулуобуйатын кэҥэттилэр

Дьиэ кэргэн ипотекатын усулуобуйатын кэҥэттилэр

30.12.2022, 11:30
Бөлөххө киир:

“Чэпчэтиилээх ипотека” бырагырааманы өссө балтараа сыл – 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри уһаттылар. Бу туһунан уураахха Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

8 % диэри чэпчэтиилээх ипотека кирэдьиитин саҥа дьиэни атыылаһарга, чааһынай дьиэни туттарга эбэтэр дьиэ туттарга сир учаастагын ыларга туһаныахха сөп.

Чэпчэтиилээх ставканан кирэдьиит муҥутуур кээмэйэ Москваҕа, Санкт-Петербурга, Москва уонна Ленинград уобаластарыгар 12 мөл. солк. тэҥнэһэр. Онтон атын эрэгийиэннэргэ – 6 мөл. солк. Бастакы усунуос – 15 % намыһаҕа суох.

Итини тэҥэ, саҥа уурааҕынан “Дьиэ кэргэн ипотеката” бырагыраама усулуобуйата кэҥээтэ. Өскөтүн бу иннинэ тустаах бырагыраамаҕа биир эмэ оҕолоро 2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаах диэн ирдэнэр эбит буоллаҕына, билигин 18-гар диэри икки оҕолоох дьиэ кэргэн хапсар кыахтаах буолла. Маныаха оҕолор хаһан төрөөбүттэрэ оруолу оонньообот.

“Дьиэ кэргэн ипотеката” уруккутун курдук 6 % хаалла. Кирэдьиит муҥутуур субсидияланар кээмэйэ эмиэ “Чэпчэтиилээх ипотека” курдук. Бу туһунан ОБЪЯСНЯЕМ.РФ суруйар. Усулуобуйатын сиһилии манна ааҕыҥ.

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: