“Дьиэ кэргэн ипотекатынан” кирэдьиит бэриллэ турар
Оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга көмөлөһөр «Дьиэ кэргэн ипотеката» бырагыраама Саха сиригэр салгыы үлэлиир.
Бырагыраама саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 15,1 млрд солк. суумалаах 3700-тэн тахса кирэдьиит бэриллибит, ол онтон 2,6 млрд солк. суумалаах 485 кирэдьиити кэтэх дьиэ тутуутугар ылбыттар. Аҥаардас 2024 сылга кэтэх дьиэни тутууга 1,2 млрд солк. суумалаах 220 кирэдьиит бэриллибит, диэн иһитиннэрэр Тутуу министиэристибэтин тг-ханаала.
Бырагыраамаҕа хапсан киирдэххэ 6% ыстаапканан кирэдьиити ылыахха сөп. Ол туһугар, дьиэ сыанатыттан кырата 20%-наах бастакы төлөбүрү оҥоруохтааххын. Бырагыраама 2030 сылга диэри уһатылынна, билигин ол көмөтүнэн атыылаһар эрэ буолбатаххын, бэйэҥ дьиэҕин эмиэ туттуоххун сөп.
Дьиэ туттар буоллаххына, хайаан да эскроу-счеттаах дьиэ тутааччыны кытта дуогабар түһэрсэҕин. Эскроу-счет дьон харчытын албын тутааччылартан көмүскүүр сыаллаах киирдэ.
Маны таһынан, 2024 сыл ахсынньы 15 күнүттэн бырагыраама лимиитэ 8,65 триллион солкуобайга диэри үрдэтилиннэ.
“Дьиэ кэргэн ипотеката” бырагыраама оҕолоох ыаллар ортолоругар биир саамай биллэр бырагырааманан буолар, тоҕо диэтэххэ, табыгастаах усулуобуйаҕа бэйэҥ дьиэҕин туттаргар эбэтэр атыылаһаргар дьиҥнээх кыаҕы биэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: