Хаартыска: ЗАГС управлениета.
«Дьиэ кэргэн килбиэнэ» диэн аан бастакы бэлиэни Анастасия, Николай Ефремовтарга туттардылар. Кинилэр ыал буолбуттара 50 сылын бэлиэтээтилэр. «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни Ил Дархан быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар, от ыйыгар олохтообута.
Николай Дмитрьевич уонна Анастасия Степановна 1974 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр Чурапчы улууһун Одьулуун сэлиэнньэтигэр ыал буолбуттара. 1985 сылтан Кэбээйи улууһун Кэбээйи сэлиэнньэтигэр олороллор, үлэлииллэр. Үс оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруоран, билигин 7 сиэннэрин бүөбэйдэһэллэр.
Николай Дмитрьевич — СӨ сибээһин үтүөлээх үлэһитэ, Кэбээйи улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, «Сахателеком» сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэ хаһаайына, идэтинэн билигин да үлэлиир. Анастасия Степановна мелиорация уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыы управлениетыгар экэнэмиис-буҕаалтырынан үлэлээбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон, оҕолоругар, сиэннэригэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолар.
Уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр сыаллаах бэлиэнэн 50 сылтан итэҕэһэ суох бииргэ олорбут, үтүөкэн оҕолору иитэн таһаарбыт, дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатыыга улахан өҥөлөөх ыаллар наҕараадаланаллар.
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.
От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…
От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр,…