Дьиэ кэргэн күнүгэр Дьокуускайга 23 эдэр ыал баар буолла

Share
Дьиэ кэргэн күнүгэр Дьокуускайга 23 эдэр ыал эбилиннэ. Балартан сэттэ ыалга үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыал буолуу туоһу суругун туттардылар. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ дьиэ кэргэттэри наҕараадалаатылар.
«Саха сирэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннээҕинэн  биллэрэ. Дьиэ кэргэҥҥэ эрэ көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр үтүө үгэстэр бэриллэллэр, аҕа көлүөнэ уопута ылыллар, манна эрэ хас биирдии киһи өйөбүлү уонна тапталы билэр«, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтигэр эттэ.

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова  түөскэ кэтиллэр «За вклад в развитие семейной политики» диэн наҕараадалары Амма, Горнай уонна Нам улууһун түөрт иитэр дьиэ кэргэнигэр туттарда. Ону сэргэ РФ Уопсастыбаннай палаата «Аҕалар лигаларын» бэрэссэдээтэлин солбуйааччыга дьиэ кэргэни көмүскүүр,  үтүө үгэстэри үйэтитэр Демография хамыыһыйатын махтал суругун  Дмитрий Оконешниковка туттарда. Салгыы Ил Түмэн уонна куорат Дууматын наҕараадалара туттарылыннылар.

«Тапталга билинии» уонна «Вальстыыр кэм» куонкурус кыайыылаахтарын чиэстээтилэр.

Бу куонкуруска кыттыыга видеонанан үлэлэр ылыллыбыттара. «Тапталга билинии» куонкуруска уопсайа 16 видеоролик киирбит. Телеграм-ханаалга куоластааһыҥҥа 7500 киһи кыттыыны ылбыта.

Кыайыылаах Акулина Сергей Шестаковтар диэн Дьокуускай  ыалыгар  «Ленатурфлот» тэрилтэ Өлүөнэ очуостарыгар сынньалаҥ туурун бэлэхтээтэ. Иккис миэстэни Ньурба улууһун Үөдэйиттэн кыттыбыт Марфа уонна Василий Федоровтар, үһүс миэстэни Хатастан Надежда уоннап Владимир Поповтар ыллылар. Анал бириискэ Дьокуускайтан Ирина, Тимур Тихоновтар дьиэ кэргэттэрэ тигистэ. Маны сэргэ, анал бириистэринэн байыаннай дьайыыга кыттыбыт дьиэ кэргэттэр Дьокуускайтан Наталья уонна Виктор Усиковтар, Аллараа Бэстээхтэн Анисия уонна Иннокентий Скрябиннар ыллылар.

«Вальстыыр кэм» куонкуруска аҕыс ыал кыттыбыт. Бастакы миэстэҕэ  Надежда уонна Федот Максимовтар, иккискэ Ульяна уонна Виталий Осиповтар, үһүс миэстэҕэ Матрена уонна Максим Аммосовтар тигистилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago