Дьиэ кэргэн күнүгэр элбэх оҕолоох ыалларга төлөбүр олохтонуоҕа
Бэрэсидьиэн оскуолаларга төрөппүттэр түмсүүлэрин улахан суолталаах көҕүлээһиннэрин өйүүргэ соруйда. «Это у нас семейное» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу сыл аайы бүддьүөт үбүттэн тэрийэргэ сорудахтаата.
Бу хайысхаҕа эппиэтинэстээҕинэн премьер-миниистир Михаил Мишустин ананна. Ахсынньы 1 күнүгэр диэри ханнык көмө миэрэлэрин киллэрэллэрин туһунан дакылааттыахтаахтар.
Бу сорудахтар олоххо киирдэхтэринэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сылга биирдэ — Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүгэр төлөбүр олохтонуоҕа. Төлөбүр кээмэйэ билиҥҥитэ биллибэт. Маны тэҥэ, инбэлиит оҕолору уонна оҕо эрдэхтэриттэн I группалаах инбэлииттэри көрөн олорор дьоҥҥо төлөбүр индексацияланыахтаах.
Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнэ Арассыыйаҕа 2008 сылтан бэлиэтэнэр. Бу күн православнай итэҕэллээхтэр дьиэ кэргэн, таптал, ыал буолуу бэлиэтэ буолбут сибэтиэй Петры уонна Февронияны кэриэстииллэр. Бу күн «За любовь и верность» мэтээллэри туттараллар. 2022 сылтан Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнэ судаарыстыбаҕа официальнай бырааһынньыгынан биллэриллибитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: