Дьиэ кэргэн күнүгэр элбэх оҕолоох ыалларга төлөбүр олохтонуоҕа

Share
Владимир Путин Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр (от ыйын 8 күнүгэр) элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сыллата бэриллэр төлөбүр боппуруоһун көрөр туһунан сорудахтаата. Маны тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр тустарынан тэлэбиидэнньэ биэриилэрин устуохтара диэн РИА-Новости суруйар.

Бэрэсидьиэн оскуолаларга төрөппүттэр түмсүүлэрин улахан суолталаах көҕүлээһиннэрин өйүүргэ соруйда. «Это у нас семейное» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу сыл аайы бүддьүөт үбүттэн тэрийэргэ сорудахтаата.

Бу хайысхаҕа эппиэтинэстээҕинэн премьер-миниистир Михаил Мишустин ананна. Ахсынньы 1 күнүгэр диэри ханнык көмө миэрэлэрин киллэрэллэрин туһунан дакылааттыахтаахтар.

Бу сорудахтар олоххо киирдэхтэринэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сылга биирдэ — Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүгэр төлөбүр олохтонуоҕа. Төлөбүр кээмэйэ билиҥҥитэ биллибэт. Маны тэҥэ, инбэлиит оҕолору уонна оҕо эрдэхтэриттэн I группалаах инбэлииттэри көрөн олорор дьоҥҥо төлөбүр индексацияланыахтаах.

Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнэ Арассыыйаҕа 2008 сылтан бэлиэтэнэр. Бу күн православнай итэҕэллээхтэр дьиэ кэргэн, таптал, ыал буолуу бэлиэтэ буолбут сибэтиэй Петры уонна Февронияны кэриэстииллэр. Бу күн «За любовь и верность» мэтээллэри туттараллар. 2022 сылтан Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнэ судаарыстыбаҕа официальнай бырааһынньыгынан биллэриллибитэ. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

8 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

56 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago