«Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак үлэтин саҕалаата

2025 сылга «Дьиэ кэргэн» диэн саҥа национальнай бырайыак үлэтин саҕалыыр. Бу бырайыак урукку «Демография» национальнай бырайыак үлэтин кэҥэтэр сыаллаах. Бу туһунан үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрэр.
— Бу саҥа бырайыак төрөөһүнү, ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы, дьиэ кэргэттэр туруктарын бөҕөргөтүүнү уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын өйүүр сыаллаах, өр кэмнээх стратегиялаах, ол аата өр сылларга үлэлиир, — диэн миниистир бэлиэтээтэ.
Саҥа национальнай бырайыак «Дьиэ кэргэттэри өйөөһүн», «Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн», «Ийэ буолууну, оҕо аймаҕы көмүскээһин», «Аҕам саастаах көлүөнэ», «Дьиэ кэргэн сыаннастара уонна култуура инфраструктурата» диэн хайысхалардаах.
Саха сиригэр бу хайысхаларынан үлэ күүскэ барара былааннанар. Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, аҕам саастаах дьоҥҥо элбэх көмө оҥоһуллар. Көмө миэрэлэрэ сылтан сыл элбээн, кэҥээн иһэллэр. Холобур, 2025 сылтан төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаал бэриллэр буолла.
Саха сиригэр 1 мөлүйүөн 7500 киһи олорор, 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: