«Дьиэ кэргэн — олох төрдө» төгүрүк остуол буолла

Share

Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүгэр Бэчээт дьэтигэр медиа-кииҥҥэ “Дьиэ кэргэн – олох төрдө” диэн төгүрүк остуол буолан ааста.

Хартыска: А.Васильева.

Төгүрүк остуолга үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова, Үүнэр көлүөнэлэр пуондаларын дириэктэрэ Владимир Егоров, Дьахталлар түмсүүлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева, уопсастыбанньыктар, дьахтар хамсааһынын актыбыыскалара, бастыҥ дьиэ кэргэттэр, о.д.а. кыттыыны ыллылар.

Елена Волкова министиэристибэ ыытар үлэтин, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар дьиэ кэргэн бэлиитикэтин туһунан толору иһитиннэриини оҥордо.

Владимир Егоров пуонда тэриллибитэ 30 сылын тэҥэ, кини дьиэ кэргэнэ тэриллибитэ 30 сыла туоларын бэлиэтээн эттэ. Үс кыыс оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Соторутааҕыта сиэннэрэ сылдьар “Прометейчик” уһуйааҥҥа Эбэлэр, эһэлэр сэбиэттэрин тэрийбиттэр. “Аныгы эһэлэр, эбэлэр олус сайдыылаах дьон, ону тэҥэ, кырдьаҕас көлүөнэни кытта алтыспыт, үгэстэри, тылы илдьэ хаалбыт дьон буоллахпыт. Онон аныгы тэтимнээх үйэҕэ оҕо иитиититтэн туора туруо суохтаахпыт, түмсэн, баарбытын биллэриэхтээхпит”, — диэн кини эттэ.

хаарытска: А.Васильева.

Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан, Нерюнгри оройуонуттан быһа холбоннулар. Бу дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр бастыҥ үлэлээх улуустар. Социальнай управлениелар салайааччылара, дьахтар сэбиэтин актыбыыскалара бэйэлэрин уопуттарын кэпсээтилэр.

Холобур, Нерюнгригэ саҥа төрөөбүт ийэҕэ битэмииннэри, Ил Дархан видео-эҕэрдэлээх анал мэтээли, кырачааҥҥа таҥас нобуорун бэлэхтииллэр эбит. Чурапчыга төрдүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, сүөһү төрдө буоллун диэн тарбыйах бэлэхтииллэр. Номнуо 230 дьиэ кэргэн тарбыйаҕы ылан, сүөһү ииттибиттэр. Ону тэҥэ, бастакы Ил Дархан ийэтэ Прасковья Борисова аатынан бириэмийэни олохтоон, номнуо 22 ийэҕэ туттарбыттар.

Төгүрүк остуолга кэлбит дьиэ кэргэттэри бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран, сибэкки дьөрбөлөрүн, бэлэхтэри туттардылар.

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кафе үлэтэ 30 хонукка тохтотулунна

От ыйын 1 күнүгэр Бүлүү оройуоннааҕы суута кафе-бар үлэтин 30 хонукка тохтотор туһунан уурааҕы таһаарда. …

8 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

2025 сылга култуура өссө 5 эбийиэгэ үлэҕэ киириэҕэ

Бу эбийиэктэр “Үтүө дьыала хамсааһын” уонна “СӨ култуураны сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчилэринэн киириэхтэрэ. Дьааҥы улууһун…

12 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Можайскай уулуссаҕа тахсыбыт иирсээнинэн бэрэбиэркэ ыытыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Дьокуускай куоракка Можайскай уулуссаҕа биир эр киһи массыыналаах киһини  охсуталыыр  видеота…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Атыыһыт дьахтар үлэлиир маҕаһыыныттан харчыны уорбут

Ис дьыала министиэристибэтин Чурапчытааҕы дьуһуурунай чааһыгар  маҕаһыын хаһаайыныттан сайабылыанньа киирбит. Ол курдук маҕаһыыныттан   77 000 …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оптуобус хойутаатаҕына – ыстарааптанар

Дьону таһар тырааныспар хойутаан кэллэҕинэ, таһааччылары ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын ЛДПР дьокутааттара Госдуумаҕа киллэрдилэр.   …

2 часа ago
  • Култуура
  • Спорт

Быйылгы сайын сүрүн сабыытыйалара

Саха сиригэр икки улахан далааһыннаах тэрээһин буолаары турар: Олоҥхо ыһыаҕа уонна Манчаары оонньуулара. СӨ Бырабыыталыстыбатын…

3 часа ago