Дьиэ кэргэн сылыгар 1263 уол оҕо төрөөтө

Дьиэ кэргэн сылыгар 1263 уол оҕо төрөөтө

17.04.2024, 18:46
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:

Муус устар 14 күнүгэр Саха сиригэр Уол оҕо күнэ бэлиэтэммитэ. Дьиэ кэргэн сылыгар номнуо 1269 уол оҕо төрөөтө диэн үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Ол курдук, ыал бастакы оҕотунан — 395 уол, иккис — 351, үһүс — 285 уол, төрдүс — 156, бэһис — 57, алтыс — 38 уол оҕо төрөөтө. Кинилэр Уол оҕо күнүн олохторугар бастакытын бэлиэтээтилэр.

Психологтар этэллэринэн, дьиэ кэргэҥҥэ хаһыс оҕонон төрүүрэ кырачаан уйулҕатыгар, майгытыгар, инники олоҕор дьайар эбит.

Ыал бастакы оҕото төрөппүттэрин тапталларын, итэҕэллэрин ылан, балыстарыгар-бырааттарыгар аптарытыаттаах буолар. Онон инникитин эппиэтинэстээх, бэйэтигэр эрэллээх буолар уонна олоххо элбэҕи ситиһэр.

Ортоку оҕо күрэстэһии диэн тугун билэр, ол иһин дьону кытта түргэнник биир тылы буларга үөрүйэх. Сороҕор киниэхэ болҕомто тиийбэтиттэн санааргыыр. Киниэхэ улахан эппиэтинэс сүктэриллибэт, көҥүллүк улаатар, айар үлэҕэ сыһыаннаах буолар.

Ыал кыра оҕото төрөппүттэрэ, эдьиийэ-убайа көмүскэһэллэрин билэр, атаахтыыр. Кини улаатан иһэн, куруук кыра оҕо курдук көрөллөрүн сөбүлээбэт, онон тус суолун көрдүүргэ, бэйэтин интэриэһин көмүскүүргэ үөрэнэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 апреля
  • 2°C
  • Ощущается: -0°Влажность: 38% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: