Дьиэ кэргэн сылыгар түөлбэлэр тас көстүүлэрин көрүү тэрилиннэ
Быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майатыгар «Хайдах олороҕут, Майа ыала?» түөлбэлэр тас көстүүлэрин көрүү иккис сылын ыытылынна.
Тэрээһин улууска Тыа хаһаайыстыбатын уонна дойдуга Дьиэ кэргэн сылларын чэрчитинэн ыытыллар буолан, быйыл түөлбэлэр көхтөөхтүк кытыннылар. Суолталаах тэрээһин сүрүн соруга — кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии үтүө холобурун, уопутун сырдатыы, тарҕатыы.
Майа ыаллара оҕуруот аһын, отонноох үүнээйини, сибэкки арааһын үүннэрэн, сүөһү-сылгы иитэн, түргэнник ситэр салаа араас көрүҥүн баһылаан, дьиэни-уоту, тэлгэһэни маанытык оҥостон, бэйэ-бэйэлэрин үөрэтиһэн, түмсүүлээхтик олороллорун көрдөрдүлэр. «Бу буолар саха ыалын бигэ тирэҕэ, инникитэ», — диэн киэн тутта «Майа алаас ыала» түмсүү Майа сэлиэнньэтин олохтоох дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар сырдатта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: