Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла. Бу күн ситиһиилээх, бастыҥ дьиэ кэргэттэри чиэстээтилэр.
Ол курдук, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэнэн Тамара, Василий Сорокоумовтары (Дьокуускай), Мария, Вячеслав Юрьевтары (Хаҥалас), Галина, Николай Гороховтары (Дьокуускай), Матрена, Федосий Ефремтары (Таатта), Наталия, Николай Заровняевтары (Бүлүү) наҕараадалаатылар. Бу саҥа олохтоммут бэлиэни үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорбут, элбэх оҕону атахтарыгар туруорбут, дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатар, атыттарга холобур буолар ыалларга туттараллар.
Маны тэҥэ, быйыл ыытыллыбыт «Бастыҥ дьиэ кэргэн-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылаахтарын чиэстээтилэр. Быйыл бу куонкуруска 110 дьиэ кэргэн кыттыбыта. Кыайыылаахтары 7 номинациянан талбыттара:
Сааланы толору бастыҥ ыаллар, кинилэр аймахтара киэргэнэн-симэнэн, үөрэн-көтөн, олороллор. Үгүс ыаллар оҕолорун, эбэлэрин-эһэлэрин илдьэ кэлбиттэр. Бу көлүөнэлэр утумнарын көрдөрөр.
«Оҕону иитэр ыал» номинацияҕа Павловтар кыайыахтарын кыайдылар. Кинилэр саха, нуучча, омук диэн араарбакка, сүүрбэччэ оҕону ылан, иитэллэр, ийэ, аҕа тапталын, дьиэ кэргэн сылаас эйгэтин иҥэрэллэр. Интэриэһинэйэ диэн, оҕолорун барыларын сахалыы иитэллэр. Оҕолоро бэрт түргэнник сахалыы саҥараллара, үгэстэри ылыналлара сөхтөрөр. Ол онно дьиэ кэргэн истиҥ эйгэтэ дьайар буолуохтаах.
Мустубут дьиэ кэргэттэри бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов эҕэрдэлээтэ.
— Дьиэ кэргэттэри өйөөһүн — судаарыстыбаннай бэлиитикэ төрүтэ буолар. Ыал үчүгэйдик олорор буоллаҕына, уопсастыба, онтон судаарыстыба үчүгэйдик олорор. Дьиэ кэргэн төрүтэ үйэлээх үгэспит буолар. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэттэри, ийэ-аҕа буолууну өйүүр миэрэлэр көдьүүстээхтик үлэлииллэр. Былырыын 1 мөлүйүөн ахсааны ситиспиппит. Дьиэ кэргэн сылыгар төрөөһүнү уонна оҕо ахсаанын элбэтэргэ туһуламмыт миэрэлэри ылыммыппыт. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ саҥа миэрэлэр ылыныллыбыттара.
25-рин туола илик уоллаах кыыс ыал буоллахтарына, биирдэ бэриллэр төлөбүр олохтоммута. Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки бүк улааппыта. Демографияҕа бастыҥ көрдөрүүлээх улууска, куоракка Ил Дархан грана олохтоммута, — диэн кини эттэ.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар бэрэсидьиэн Владимир Путин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ кэккэ миэрэлэри киллэрбитэ: култуура, спорт тэрилтэлэригэр, уопсастыбаннай тырааныспарга босхо сылдьыы, оскуолаҕа босхо аһатыы, хомунаалынай өҥөҕө, үөрэниигэ чэпчэтии, о.д.а.
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…