Дьиэ кэргэн сылынан төрөппүттэргэ уонна оҕолорго өйөбүл миэрэ салҕанар
Саҥа өйөбүл миэрэлэр туһунан дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин солбуйааччыларын кытта мунньаҕар кэпсээтэ. Бу туһунан Объясняем.РФ телеграм ханаалыгар суруйаллар.
“Дойду үрдүнэн оҕо төрүүрүгэр уонна оҕону иитиигэ усулуобуйаны тэрийии – Бырабыыталыстыба сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ” – диэн кини бэлиэтээтэ.
Туох уларыйар:
— кырата 10 оҕону ииппит дьоруой ийэлэр Үлэ Дьоруойугар көрүллэр курдук чэпчэтиинэн туһаныахтара;
— күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннарга хат буолбуттарынан уонна төрүүргэ көрүллэр босуобуйаны тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри үрдэтиэхтэрэ;
— оҕолорун балтараа сааһыгар диэри көрөн олорбут төрөппүттэргэ биэнсийэ ааҕыллыытыгар олоччу учуоттуохтара. Бу иннинэ алтаттан элбэх сылы аахпаттара, ону даҕаны түөрт эрэ оҕоҕо. Саҥа быраабыланан манна хааччахтааһын суох буолуоҕа;
— өйөбүл эрэйэр дьиэ кэргэн бэйэтин дьыалатын тэринэригэр эбэтэр үөрэнэригэр харчы ылара судургутуйуо – социальнай хантараагы оҥорторууга биир кэлим босуобуйаны дохуот курдук ааҕыахтара суоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: