Дьиэ кэргэн төлөбүрэ 18 мөл. киһини таарыйыа
Сыл аайы бэриллэр дьиэ кэргэн төлөбүрэ 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэҕэ, онно 18 мөлүйүөнтэн тахса киһи хабыллыаҕа, диэтэ Федеральнай түһээн сулууспатын баһылыга Даниил Егоров премьер-миниистир Михаил Мишустины кытта көрсүһүүтүгэр.
Өссө 35 мөл. тахса киһини икки уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр стандартнай түһээн вычета таарыйыаҕа.
Бу өйөбүл миэрэлэрин олоххо киллэрэргэ Түһээн сулууспата бэйэтин информационнай тиһигин уларытар былааннаах. “Биһиги маннык технологияны бэлэмнии сылдьабыт: өскөтө киһи үлэ биэрээччититтэн стандартнай вычетын ыйыталаспатаҕына, түһээн сулууспата бэйэтэ киниэхэ электроннай көрүҥүн бэлэмнээн биэриэҕэ. Оччотугар киһи вычетын ыыттарар счетун эрэ талара хаалар”, – диэн быһааран биэрдэ Егоров.
Кини этэринэн, ГТО-ҕа уонна диспансеризацияҕа бэриллэр вычеттар туспа эмиэ бэлэмнэнэ сылдьаллар, диэн иһитиннэрэр РИА Сонуннар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: