Дьиэ кэргэн туһунан хоһооннор

Share

Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан хоһооннорун бэчээттиибит. Анастасия Степановна иитээччи идэлээх, хоһоон суруйуутунан эдэр сааһыттан үлүһүйэр, «Ытыстар» диэн дьоҕус кинигэлээх. Амма улууһун Эмис нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Амма киэн туттуута», «СӨ гражданскай көҕүлээһин туйгуна» бэлиэлэр хаһаайыннара.

Ийэ

Ийэ буолуу — истиҥ иэйии,

Ийэ буолуу — чэбдик санаа,

Ийэ буолуу — чэнчис олох,

Ийэ буолуу — чэгиэн турук.

Аҕа

Аҕа дойдуга — улуу иэс,

Аҕа буолар — ытык чиэс,

Дьиэ кэргэн тирэҕэ,

Дьол чүөмпэтин далаһата.

Эбэбит

Күннээҕэр да сылаас,

Күнүскүтээҕэр да сырдык,

Олохпут эрэллээх суолдьута,

Оттомноох истиҥ доҕорбут,

Олус күндү эрэлбит — Эбэбит,

Сэргэстэһэ сылдьан өрүү

Сэҥээрэ, сэмэлии, эйэргии,

Сэһэргии, быһаара, өйдөтө,

Сиэннэргиттэн дьоллоно,

Сэгэрдэргиттэн дуоһуйа

Одун дьоһун олоххун

Олор дуу, уһуннук диэн

Көрдөһөбүн эйигиттэн,

Күбэй кэрэ киһибиттэн.

Оҕо

Аҕалаах ийэ ытык дьоннор

Алыптаах тапталларыттан

Айыллан, ананан кэлбит оҕо

Алгыһынан көрсүллүөхтээх.

Абааһы аартыгын аанын

Аргыара дьайбатын диэн,

Араас албаһынан харыстаан,

Айхаллаахтык иитиллиэхтээх.

Аан Ийэ дойдубут сылааһын,

Аймах-билэ дьонун илгэлэрин,

Аарыма наука билиитин

Айар, тупсарар киһи буолуохтун!

Оҕобут эбит

Олохпут сиэдэрэй уйгута,

Оҕо буолар

Олоххо угуйар уран уус.

Оҕобут буолар

Олоххо уһуйар үтүө Учуутал.

Оҕонон салҕанар

Олохпут инники кэрдииһэ.

Оҕобут буолар

Олохпут оҥкулун туоһута.

Оҕобутун Улуу Айыы сүдү бэлэҕин,

Олохпут Күн сылааһын илгэтин,

Уйгулаах айылҕабыт кэрэтин

Уйаннык ситэр, сайдар аартыгын

Уран тапталынан арчылыыр,

Улахан олоххо алгыстыыр

Уус түһүлгэтэ —

Ийэ, Аҕа алаһа кыһата.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр байыаннай дьайыы 9 кыттыылааҕа быыбарданар дуоһунаска талылынна

Саха сиригэр буолан ааспыт быыбарга байыаннай дьайыы 18  кыттыылааҕыттан 9-һун таллылар. Кинилэр ортолоругар муниципальнай тэриллии…

4 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тамалакаан Тамарата

Оҕо эрдэхпинэ ыалларым ону-маны кистээн баран, "ол ханна сытарый?" диэн сураһаллара. Онуоха мин ханна сытарын…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Тэпилииссэни эмтээҥ

Баччаларга, аһын барытын хомуйбут кэнниттэн, тэпилииссэни сернай шашканы уматан ыраастыыр үчүгэй. Ити эрээри бу дьаһал…

37 минут ago
  • Уопсастыба

Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэриигэ кыттыаҕа

Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, 13:00 чаастан Ил Дархан Айсен Николаев "Саха" ГТРК "Прямой разговор"…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин хамаандата Бүтүн Арассыыйатааҕы «Путь воина» күрэхтэһии бастакы полуфиналыгар кыайда!

Саха сиригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһиитин бастакы күнэ ситиһиилээхтик саҕаланна. Бу күрэхтэһиигэ бэҕэһээ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сайаапкалары «яконтракт14.рф» саайтка хомуйаллар

Саха сиригэр «яконтракт14.рф» саҥа саайт нөҥүө хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барааччылар сайаапка хаалларыахтарын сөп.  Российскай Федерация…

2 часа ago