Дьиэ кэргэн туһунан видеороликка күрэс биллэрилиннэ

Share

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ уонна «Саха» НКИХ Дьиэ кэргэн сылынан «СемьЯ — это мы» видеоролик күрэһин биллэрэллэр.

Күрэскэ дьиэ кэргэҥҥит туһунан ролик устан ыытаҕыт. Ким баҕарар кыттыан сөп. Ролик уһуна 2 мүнүүтэттэн ордуо суохтаах. Күрэс балаһыанньата  https://rcmtykt.ru/images/imperavi/page/66026297c7f08.pdf  баар.

Сайаапкалары ыам ыйын 6 күнүгэр диэри  konkurs.mintrud@bk.ru  электроннай буостаҕа ыытаҕыт. 

Күрэс түмүгэ ыам ыйын 15 күнүгэр саха тэлэбиидэнньэтигэр тахсыаҕа. Кыайыылаахтары анал идэтийбит үлэһиттэрдээх дьүүллүүр сүбэ быһаарыаҕа.

Кыайыылаахха 50 тыһыынча солкуобай, 2-с миэстэлээххэ — 40 тыһыынча солкуобай, 3-с миэстэлээххэ — 30 тыһыынча солкуобай уу харчынан туттарыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Арассыыйа ЫБММ быыһааччылара Саха сирин ууга барбыт нэһилиэктэригэр үлэлииллэр

Өлүөхүмэ улууһугар мууһу дэлби тэптэрии түмүгэр Хоро сэлиэнньэтигэр уу таһыма түстэ. Бу туһунан ЫБММ Саха…

3 часа ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр ойуур баһаарын таһаарбат туһуттан бэрэбиэркэлэр ыытыллаллар

Саха сиригэр баһаар сезона саҕаланан, ойууру кэтээн көрөр үлэлэр тиһиктээхтик бараллар. СӨ Экологияҕа министиэристибэтин Ойууру…

4 часа ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр 1700 лиитэрэ арыгы бородууксуйата былдьанна

Саха сиригэр полиция учаастактааҕы боломуочунайдарын суһал рейдэ оҥороннор арыгыны сокуоннайа суох атыылааһыны арыйаллар. Ол курдук…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Иһэ истээх, таһа тастаах (саҥа кинигэ)

Саха киһитэ сөхтөҕүнэ уонна дьиибэргээтэҕинэ, эбиитин мунаардаҕына итинник диэччи. Бу сырыыга мин эмиэ итинник саҥа…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ыам ыйынааҕы дьүһүйүүлэр: чуурукта, хабдьы, бырдах…

Өймөкөөҥҥө саас кэлиитэ ураты алыптаах. Ол ону талааннаах худуоһунньук, фотограф Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ түһэрбит хаартыскаларыгар…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Рекомендуем
  • Сонуннар

Оборуона миниистирин кэргэнэ композитор Марк Жирков сиэнэ дуо?

"Сергей Шойгу оннугар Оборуона миниистиринэн анаммыт Андрей Белоусовы сахалар күтүөппүт, кэргэнэ Лариса -- композитор Марк…

6 часов ago