Дьиэ кэргэни, үлэни дьүөрэлээн — дьоллоох олоххо

Ыалларбыт иккиэн үйэ-саас тухары үлэни таҥара оҥостон, дьиэ кэргэн түбүгүн бииргэ дьүөрэлээн үүнэр көлүөнэлэригэр бэйэлэрин холобурдарынан олох муударастарыгар, дьиэ кэргэнтэн саҕалаан киэҥ эйгэҕэ киирэргэ сиэр-майгы, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу үрдүк хаачыстыбаларыгар үөрэтэн-такайан билигин оҕолоро бука бары үөрэхтээх, үлэлээх дьоннор, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эмиэ оннук үгэскэ улаата сылдьаллар.
Максимовтар дьиэ кэргэннэрин иһирэх ийэлэрэ, эбээлэрэ Наталия Ильинична күн бүгүнүгэр диэри социальнай эйгэҕэ үлэлии сылдьар, кэргэнэ Владимир Дмитрьевич өр сылларга улууска тиис бырааһынан ситиһиилээхтик үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа сиэннэрин харайсан олорор.


Петровтар дьиэ кэргэн ийэлэрэ Галина Егоровна — Дьоруой ийэ, 14 оҕону төрөтөн, эрэнэр эркинин, тапталлаах кэргэнин Афанасий Гаврильевичтыын кинилэри атахтарыгар туруортаан, үөрэхтэнэллэригэр, үлэ дьоно буолалларыгар күүс-көмө, сүбэһит буолан билигин ытыс үрдүгэр сылдьаллар.



Кыһыл көмүс ыалларбыт эдэрдэрин эргитэн, 50 сыл анараа өттүгэр биир дьиэ кэргэн буолар бигэ санааларын өссө төгүл бигэргэтэн, Сунтаар улууһун «Кыһыл көмүс» кинигэтигэр илии баттаан эрилиттилэр, оҕолор, сиэннэр бэлэхтэрин — кыһыл көмүс биһилэхтэри тарбахтарыгар кэтэн, сып-сымнаҕастык сыллаһан олохторун иккис олугар эрэллээхтик үктэннилэр, улуус, нэһилиэк бас-көс дьонуттан, тапталлаах оҕолоруттан, сиэннэриттэн, киэҥ аймахтарыттан эҕэрдэ эриэккэһин, бэлэх-туһах тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ, санаалара бөҕөхсүйдэ.
Онон, Үлэ сыла Сунтаар улууһугар үтүө сонуннартан саҕаланан сыл устата үлэ дьонун чиэстииргэ, үүнэр көлүөнэҕэ холобурдуурга олук уурда.
Сунтаар улууһун ГТАС салаатын салайааччыта Анна Григорьева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: