Дьиэ кэргэни ыраахтан-чугастан бииргэ түмпүт ураты тэрээһин

Дьиэ кэргэни ыраахтан-чугастан бииргэ түмпүт ураты тэрээһин

08.12.2024, 15:15
Хаартыска: Люция Егорова тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар бэрт үгүс араас ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста, сыл түмүктэниэр диэри өссө да ыытыллыахтара.

Бу күннэргэ Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһугар Үчүгэйгэ улуус биир ытыктанар Карповтар улахан дьиэ кэргэни  түмэр ураты тэрээһин буолан ааста. Дьоруой ийэ Меланья уонна СӨ «Ытык аҕа» бэлиэ хаһаайына Иван Карповтар ахтыы киэһэлэригэр Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Дьокуускайтан, Чурапчы улууһуттан уонна  Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэриттэн оҕолоро, сиэннэрэ муһуннулар.

Бу туһунан Карповтар кыыстара, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала Люция Егорова бу курдук кэпсээтэ:

Бу күннэргэ биһиги, Карповтар халыҥ аймах, өр сылларга санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт баҕа санаабыт туолан,  сүргэбит олус көтөҕүллэн сылдьабыт.  Ийэлээх аҕабыт Меланья Петровна уонна Иван Михайлович Карповтар Өймөкөөн улууһун биир ытыктанар сис ыала эйэ дэмнээхтик 46 сыл бииргэ олорбуттара. Биһиги, кинилэр 13 оҕолоро (сэттэ төрөппүт оҕолоро уонна алта кыра саастарыгар тулаайах хаалбыт аҕабыт балыстара, бырааттара) ийэлээх аҕабыт сылаас тапталларыгар бигэнэн улааппыт дьоллоохпут.

Иһирэх ахтыы дьоро киэһэтигэр ыраахтан-чугастан сэттэ бииргэ төрөөбүттэр бары кэллибит. Бу киэһэ Карповтар улахан дьиэ кэргэннэрин олохторуттан өссө ким да истибэтэх түгэннэрэ кэпсэннилэр, этиллибэтэх махтал тыллара этилиннилэр.

Онон биһиги бары күн күбэй ийэбитин, амарах аҕабытын бу сиргэ иккистээн көрсүбүт тэҥэ сананныбыт. Дьиэ кэргэн сылыгар маннык иһирэх, үтүө, киһини долгутар ураты истиҥ киэһэни бэлэхтээбит күндү дьоммутугар — олохтоох бибилэтиэкэргэ Наталья Громоваҕа, Үчүгэйдээҕи култуура дьиэтин дириэктэригэр Аяна Эверстоваҕа ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Ону тэҥэ бу дьоро киэһэни тэрийиигэ көмөлөспүт кулууп үлэһиттэригэр, олус истиҥ ырыалаах бырааппытыгар Алексей Заболоцкайга, Марина Гарифулинаҕа, сүрэхпитигэр чугастык киирэр казахтыы ырыаны бэлэхтээбит Альбина Сисингалиеваҕа, кыргыз омук ылбаҕай ырыатын бэлэх ууммут Ирисбу Исаковаҕа уонна биһиги ыҥырыыбытын ылынан кэлбит күндү ыалдьыттарбытыгар ис сүрэхпититтэн барҕа махталбытын тиэрдэбит. Үчүгэй нэһилиэгэр араас омук дьоно биир дьиэ кэргэн буолан олорбуттара ыраатта. Онон бу күн барыбытын өссө чугастык холбоото. Дьоро киэһэни бэлэхтээбит дьоммутугар “үтүөнү оҥорор үгэскитин тута сылдьан, дьон махталын өссө да ыла туруҥ, олоххут үтүө, кэрэ, сырдык буоллун!” диэн биһиги дьиэ кэргэн алгыыбыт!

… Дьиэ кэргэни түмэр тэрээһин араас буолар. Ханна эрэ бэстибээл тэрийэллэр, ханна эрэ “төгүрүк остуол” ыыталлар, ханна эрэ кэнсиэр туруораллар. Түгэнинэн туһанан, Үчүгэй нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Наталья Громова нэһилиэк олохтоохторун үйэтитэр үгүс өрүттээх үлэни ыытарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бырабыыталыстыба отчуотугар сылдьан, бибилэтиэкэр нэһилиэк кырдьаҕастарын, биллиилээх дьонун хаартыскаларын кытары Үчүгэй сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит дьоннорун кулууп саалатыгар биллэр-көстөр сиргэ ыйаан туруорбут сонун көстүүтүн анаан бэлиэтии көрбүттээхпин.  Бу нэһилиэккэ кылгас да кэмҥэ кэлэн ааһар киһи үгүһү билэр. Элбэх сиргэ сылдьабын да, биир кыра нэһилиэк дьонун бу курдук үйэтиппиттэрин көрө иликпин. Буолаары буолан, көннөрү хаартыска эрэ буолбатах ээ – бу киһи нэһилиэгэр үтүөтэ чопчу ыйыллыбыт этэ. Биллэн турар, Үчүгэй нэһилиэгэр эбээн омук түөлбэлээн олорор буолан,  үгүстэрэ табаһыттар. Аны бу Өймөкөөн улууһугар биир убаастанар Карповтар дьиэ кэргэн Кыргызтаҥҥа сэбиэскэй кэмтэн өр сылларга олохсуйан олорор улахан  кыыстарыгар тиийэ ыҥырыы, сэттэ оҕону өрөспүүбүлүкэ уонна улуус нэһилиэктэриттэн түмэ тардыы – бэрт улахан тэрээһини эрэйэр үлэ буоллаҕа эбээт. Быйылгы Дьиэ кэргэн сыла бу Үчүгэй Карповтарын курдук, үгүс ыалга үөрүүлээх умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Онон маннык дьон өйүгэр-санаатыгар хаалар бэлиэ сыллары дойдуга да, өрөспүүбүлүкэҕэ да аныыллара олус бэртээхэй дьыала.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: