“Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкурустан өттүк харалаах, илии тутуурдаах…
«Саха сирэ” хаһыат, sakha-sire.ru саайт сахалыы ырыаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустары ыытара үгэскэ кубулуйар. 2022 сыллаахха Туймаада ыһыаҕар “Саха сирэ ыллыыр” өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун ыытан, киэҥ сэҥээриини ылбыта. Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылларыгар анаммыт куонкурус урукку сахалыы ырыалары сөргүтэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатар иһитиннэрэр сыаллаах-соруктаах ааспыта.
Оттон быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар анаан, «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт» куонкуруһу биллэрэн, сайаапкалары ыам ыйыттан хомуйан саҕалаабыта. Сүрүн балаһыанньа быһыытынан, куонкуруска дьиэ кэргэнинэн төһө баҕарар ахсаанынан кыттыахтарын сөбө. Кыттааччылар куонкуруска дьиэ кэргэнинэн ыллаабыт видео-устууларын уонна бэйэлэрин туһунан сиһилии билиһиннэрэн ыыппыттара.
Үрүҥ тунах ыһыахха ыллыы-туойа…
Куонкуруска киирбит отучча сайаапкаттан уон бастыҥ талыллан, бэс ыйын 29 күнүгэр Туймаада улуу тунах ыһыаҕын кэмигэр Үс Хатыҥҥа «Саха сирин» түһүлгэтигэр түмүктүүр түһүмэххэ долгуйа муһунна. Кыттааччылар бары сахалыы маанытык таҥнан, этэргэ дылы, ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Киэҥ нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит бары кэриэтэ улуустарыттан кэлбиттэрэ тэрийээччилэри да, ыһыах ыалдьыттарын да үөртэ.
Ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубут кыттааччылары «Сахамедиа» холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев уонна «Саха сирэ» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Анивера Акимова эҕэрдэлээтилэр уонна куонкуруһу иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Эстрадатын тыйаатырын артыыската, СӨ үтүөлээх артыыһа Тамара Попова-Хадаана, ырыаһыт, мелодист Фатина Иванова-Дунаайа, «Саха сирэ» хаһыат бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Маркова уонна хаһыат суруналыыһа, СӨ үтүөлээх суруналыыһа Надежда Егорова-Намылы үлэлээтилэр.
Кыттааччылар үгүстэрэ видеоҕа уһулан ыыппыт ырыаларыттан атын ырыаны толорон, репертуардара киэҥин кэрэһилээтилэр. Сорохтор, бэл, куонкуруска анаан-минээн саҥа ырыа айан сүрэхтээтилэр. Биир көрөөччү: «Ыһыах элбэх бырагырааматыттан эһиги куонкурускутун эрэ толору уонна астына көрдүм» диэбитин итэҕэтэн, кыттааччыларбыт талааннара, сыанаҕа тутта-хапта үөрүйэхтэрэ, көстүүмнэрэ сөхтөрдө. Ол курдук, дьүүллүүр сүбэҕэ даҕаны балачча уустук буолан таҕыста. Ол да буоллар, күрэхтэһии аата күрэхтэһии, ким эрэ кыайар, ким эрэ үгүс уопуту ылан, инникигэ эрэллээх хаалар.
Бастакы үрдэл кылаан кыайыылааҕынан Ксения Анатольевна, Алексей Петрович Вензеллэр ааттанан, сүрүн бирииһи -– дьиэ кэргэнтэн икки киһиэхэ Өлүөнэ очуостарыгар путевканы «Медиахолдинг» генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесовтан тутан, долгуйа үөрдүлэр. Кинилэр дьиэ кэргэнинэн ансаамбыллара мусукаалынай үнүстүрүмүөннэрин кыайан аҕалар кыахтара суох буолан, ыал аҕата Алексей Вензель бэйэтин тылыгар уонна мелодиятыгар “Оо, Дайаана Дайаана” диэн ырыатын толордо.
Иккис үрдэлгэ сахалыы үнүстүрүмүөн доҕуһуоллаах “Саха төрүт үгэстэригэр тиһилик” норуот ырыаларыттан толорбут Айталина Виссарионовна, Гаврил Макарович Крыловтар тахсаннар, “Уруу” ювелирнай хампаанньаттан сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.
Олус сэргэх толоруулаах София Альбертовна, Алексей Юрьевич Фоминнар үһүс үрдэлгэ тахсан, тыа сиригэр олус наадалаах тыынан наҕараадаланнылар. Ыал эһээтэ Юрий Николаевич Фомин үлэ бэтэрээнэ, эбээлэрэ Федора Ивановна Фомина СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, аҕалара Алексей Юрьевич Фомин “Тыа сирин култууратын бастыҥ үлэһитэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа, ийэлэрэ София Альбертовна Фомина бэйэтэ дьарыктаах. Фоминнар оҕолорун уонна сиэннэрин кытары Лина Полякова тылыгар, Валерий Егоров мелодиятыгар “Дьоллоох дьиэ кэргэн” ырыанан кытыннылар.
“Көрөөччү биһирэбилэ” бирииһинэн бэлиэтэммит элбэх оҕолоох, туруу-мааны үлэһит Сардаана Николаевна, Иван Николаевич Ивановтар төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын биллэрэн, Уйбаан Атамай тылларыгар уонна мелодиятыгар “Бэс Күөлэ” ырыаны кыттааччыларга бэлэх ууннулар. Кинилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕалар лигалара” түмсүү салайааччыта Айхал Габышев туруорбут балааккатын тутан, өттүк харалаах, илии тутуурдаах бардылар.
Куонкурус кыттыылаахтарын уонна кыайыылаахтары «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибэ Геннадий Бечеряков тылларыгар, Марианна Федотова -Намыына мелодиятыгар «Утаппыт кэриэтэ олоруох» диэн ырыанан эҕэрдэлээтилэр.
Дьэ, эрэ сүрүн кыттааччылар кимнээхтэрий?
Ньургуйаана Семеновна, Афанасий Юрьевич Прокопьевтар (Мэҥэ Хаҥалас улууһа)
София Альбертовна, Алексей Юрьевич Фоминнар (Хаҥалас)
Надежда Игоревна, Юрий Васильевич Яроевтар (Дьокуускай)
Ксения Анатольевна, Алексей Петрович Вензеллэр (Горнай)
Саина Егоровна, Сергей Сергеевич Григорьевтар (Уус Алдан)
Елизавета Спиридоновна, Герман Неустроевтар (Мэҥэ Хаҥалас)
Айталина Виссарионовна, Гаврил Макарович Крыловтар (Дьокуускай)
Сардаана Николаевна, Иван Николаевич Ивановтар (Дьокуускай)
Олеся Владимировна, Фёдор Федорович Колесовтар (Орто Халыма)
Светлана Петровна, Александр Степанович Кондаковтар (Дьокуускай)
Тамара Попова, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ:
“Таптаан ааҕар хаһыаппыт “Саха сирэ” бэс ыйын 29 күнүгэр Үс Хатыҥҥа тэрийбит “Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт” куонкуруһугар дьүүллүүр сүбэҕэ кыттыһар чиэскэ тиксэн, долгуйан уонна көтөҕүллэн туран үлэлээтим. Сахабыт сирин араас улуустарыттан кэлэн, талааннарын көрдөрбүт саха сайдам ыалларыгар олус махтана санаатым.
Барыларын да көрүөххэ-истиэххэ наһаа үчүгэй. Сунтаартан төрүттээх, сахалыы доҕуһуолунан толорбут Крыловтар дьиэ кэргэттэрин наһаа сэргээтим. Кинилэр ыһыах кэмигэр өссө ситэн-тупсан көһүннүлэр. Кып-кырачаан кыыстара саха умна быһыытыйбыт чабырҕаҕын туттан-хаптан эбээтин кытары бэркэ толордо. Ийэлэрэ Айталина Виссарионовна тойугун, оһуокайын, чабырҕаҕын эмиэ олус сэргээтим. Үһүс миэстэлээх Фоминнар култуураҕа сыһыаннаах дьон эбиттэр. Сиэннэринээн, оҕолорунаан тахсан «Дьоллоох дьиэ кэргэн» ырыаны ис сүрэхтэриттэн иэйэн туран толордулар. Бастакы, саамай бочуоттаах миэстэни ылбыт Вензеллэр, ыал аҕата төһө да соҕотоҕун ыллаатар, эрдэ ыыппыт видеолара, эбэтэр дьиэ кэргэнинэн мусукаалынай үнүстүрүмүөҥҥэ толорбут нүөмэрдэрэ улахан оруолу оонньоото. Онон, суруналыыстар, хаһыат салалтата куонкуруһу ымпыктаан-чымпыктаан толкуйдаан, хас да түһүмэҕинэн ыытан, куонкурус таһымын үрдэппиттэрин сөҕө-махтайа көрдүм. Ханнык баҕарар күрэххэ көрөөччү биһирэбилэ биир бастыҥ миэстэнэн буолааччы. Бу да сырыыга Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ ылыахтарын ыллылар. Көрөөччүлэр кинилэр толорууларын дохсун ытыс тыаһынан көрсүбүттэрин дьүүллүүр сүбэ улаханнык суолталаата. “Бэс Күөлэ” диэн ырыалара табыллыбыт, матыыба да олус үчүгэй, куоластарыгар барсар.
Бары кыттааччыларга улахан махтал буолуохтун. Биһиги дьиэ кэргэн хаһыат биир да нүөмэрин көтүппэккэ ылан ааҕабыт. Тапталлаах хаһыаппыт сайда-чэчирии тур”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: