«Семьеведение» саҥа уруок бырагыраамата билиннэ

Share

««Семьеведение» саҥа уруогун дьарыктарын кылаас таһынан ыытыллар «Суолталааҕы кэпсэтии» дьарык иһинэн эбэтэр 5-9 кылаас үөрэнээччилэригэр кылаас таһынан дьарыктыахтара.  Бу туһунан РФ Үөрэҕирии министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бырагыраама 34 үөрэх чааһыгар суоттанар уонна биэс тематическай блоктартан турар: «Киһи, дьиэ кэргэн, уопсастыба…», «Мин аймахтарым — биир тэҥнэр уонна араастар», «Дьиэ кэргэн нус бараана уонна ол эрэ буолбатах…», «Сүрүнэ диэн дьиэ иһигэр сыһыан», «Аныгы ыал уонна быраап». Бырагырааманы сиһилии  манна билсиэххэ сөп.

«Бу көннөрү өйдөбүлгэ уруок буолбатах. Манна учуутал уонна оҕо икки ардыларыгар дьиэ кэргэни тэрийиигэ үтүө сыһыаны үөскэтиигэ туһуламмыт үтүө уонна туһалаах кэпсэтии буолара улахан суолталаах», – диэн бэлиэтээн эттэ Российскай Федерация Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Татьяна Голикова.

Куурус сыала-соруга – эдэр дьону үгэс буолбут дьиэ кэргэн сыаннастарын тиһигэр киллэрии уонна тус сыаһыаннарын тэрийии.

Санаттахха, бу сыл муус устар ыйыгар Үөрэх министиэристибэтэ саҥа уруогу  балаҕан ыйын 1 күнүттэн киллэрэрин иһитиннэрбитэ. 10-11 кылаастарга аналлаах «Дьиэ кэргэҥҥэ киллэрии» бырагыраама билиҥҥитэ бэчээттэнэ илик.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

5 часов ago