Дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыба өйөбүлүн кээмэйэ 5 сылга 7,7 төгүл улаатта

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэ ахсаана быйыл биир мөлүйүөнү аһарда. Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн Саха сиригэр ийэҕэ уонна оҕо аймахха аадырыстаммыт көмөҕө аналлаах дьаһаллар миэрэлэрэ олоххо киллэриллэллэр. 

Ааспыт биэс сылга Саха сиригэр ийэни уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ анаммыт дьаһаллары үбүнэн хааччыйыы кээмэйэ  7,7 төгүл улаатан, 26,5 миллиардка тиийдэ (2018 с. баара-суоҕа 3,5 миллиард солкуобай этэ).

Айсен Николаев дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах өйөбүлүгэр анаммыт өрөспүүбүлүкэ былаастарын судаарыстыбаннай бэлиитикэтэ мэлдьи дьоһун суолталаах хайысханан буола туруоҕун бэлиэтээбитэ.

Ил Дархан көҕүлээһининэн “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын кээмэйэ 2024 сылтан икки төгүл, 300 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыаҕа. 2023 сылга 1 926 дьиэ кэргэн  223,3 мөлүйүөн уопсай суумалаах тустаах төлөбүрү ылла.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ  100 сылыгар  олохтоммут “Сүүс сыл оҕолоро”  тус сыаллаах хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолорго бэриллэр. 100 тыһыынча суумалаах төлөбүр суумата  2023 сылга 105 тыһыынчаҕа тэҥнэспитэ.

Билиҥҥи туругунан, тус сыаллаах хапытаалы ылар быраабы туһанар туһунан 18 236 быһаарыы ылылынна.

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэмнээх харчынан эбии төлөбүр киллэриллибитэ. Бу 200 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүр үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга сир учаастагын босхо биэрии оннугар олорор дьиэни тупсарарга бэриллэр. Итинник төлөбүр 1684 дьиэ кэргэҥҥэ бэрилиннэ, өссө 707 сайабылыанньа үөрэтиллэ сылдьар.

Айсен Николаев ону таһынан дьиэ кэргэни өйүүр саҥа дьаһаллара олоххо киллэриллиэхтэрэ. Ол курдук, 25-гэр диэри саастаах аан бастаан ыал буолар эдэр дьоҥҥо 50 тыһыынча суумалаах  биир кэмнээх харчынан төлөбүр  2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бэриллиэҕэ.

(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

5 минут ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

9 минут ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

24 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Телеграм-ханаалынан билсээри харчытын уордарбыт

Баан счетуттан уоруллубут 64 тыһыынча солкуобайы полиция  тута арыйда. ИДьМ-тын Саха сиринээҕи салалтатын полиция 1-кы…

47 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кэнсиэртэн киирбит үп кыайыыны уһансар

Ааспыт өрөбүллэргэ күһүҥҥү сылаас күнү-дьылы баттаһан, Чагда сэлиэнньэтин айар ыччата ыаллыы сытар Кэбээйи нэһилиэгэр гостуруоллаан…

54 минуты ago