Дьиэ кэргэҥҥэ – ураты болҕомто
2024 сыл Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Бу сыл устата туох үлэ-хамнас ыытылынна, туох ситиһилиннэ?
Арассыыйаҕа
Тохсунньу 19-23 күннэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родные-Любимые» пуорумҥа Дьиэ кэргэн сылын арыйбыттара. Пуорумҥа дьиэ кэргэн сыаннастарын, үгэстэрин сайыннарар, көмөлөһөр тэрилтэлэр ситиһиилэрин көрдөрбүттэрэ. Бастыҥ дьиэ кэргэттэр, династиялар кэлэн алтыспыттара, уопут атастаспыттара.
Бу сылга дойду үрдүнэн дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатар сыаллаах араас маассабай тэрээһиннэр: дьиэ кэргэн пуорума, сийиэһэ, биллэр-көстөр ыаллары, династиялары кытта көрсүһүүлэр, дьиэ кэргэнинэн тулаайахтарга, кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ көмөлөһөн волонтердааһын, быыстапкалары, маастар-кылаастары, куонкурустары тэрийии, о.д.а. буоллулар.
Быйыл «Сыл бастыҥ ыала», «Сыл бастыҥ аҕата», «Аҕа күрэҕэ» куонкурустарга, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Всей семьей» бырайыакка улахан болҕомто уурулунна.
Москваҕа «Таптыыр күндү дьонум» пуорумҥа саҕыллыбыт дьиэ кэргэн холумтанын уотун «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа ыал буолбут Жанна, Владислав Федоровтар тохсунньу 25 күнүгэр аҕалбыттара.
“Арассыыйа инникитэ ситиһиилээх буоларыгар, биһиги бары сайдарбыт туһугар – ахсааммыт элбэх буолуохтаах. Ол иһин демография, дьиэ кэргэн боппуруостара судаарыстыбаннай суолталаахтар” диэн бэрэсидьиэн Владимир Путин этэр.
Бу дьиэ кэргэн холумтанын уота таптал, эрэл, бэриниилээх буолуу, дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылын бэлиэтэ буолла. Дьиэ кэргэн холумтанын уота ыал буолар сиргэ — ЗАГС дыбарыаһыгар ууруллубута.
Туох көмө миэрэлэрэ киирдилэр?
Владимир Путин иккиттэн элбэх оҕолоох ыалларга НДФЛ нолуокка төлөммүт 13%-тан 7%-нын төннөрөр туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ ипотеканы сабарга бэриллэр 450 тыһ. солк. төлөнөр бырагыраамата 2031 сылга диэри уһатылынна.
Маны тэҥэ, элбэх этии киирэр. Холобур, Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр (от ыйын 8 күнүгэр) элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сыллата төлөбүр бэриллиэҕэ, «Это у нас семейное» куонкурус кыайыылаахтарын туһунан киинэлэри устуохтара.
Маны тэҥэ, Владимир Путин оскуолаларга төрөппүттэр түмсүүлэрин улахан көҕүлээһиннэрин өйүүргэ соруйбута. Элбэх оҕону иитии улахан сыраттан тахсар, ол иһин бэрэсидьиэн Үлэ Дьоруойун төлөбүрүн, чэпчэтиилэрин Дьоруой Ийэҕэ эмиэ сыһыарарга этии киллэрдэ.
Эдэр төрөппүттэр эрдэ оҕолоноллорун көҕүлүүр сыалтан, устудьуоҥкаларга хат буолууга, төрөөһүҥҥэ босуобуйа сууматын тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри улаатыннарыахтара. Кыра дохуоттаах ыаллар социальнай хантараагы ылаллара чэпчиэҕэ – биир кэлим босуобуйаны уопсай дохуокка ааҕыахтара суоҕа.
Дьиэ кэргэн ипотеката тутуллубут дьиэ иккис ырыынагар эмиэ үлэлиир буолуоҕа.
Арассыыйаҕа үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллибит: 2018 сылга 23,3 бырыһыан эбит буоллаҕына, 2023 сылга – 30 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. Ол үрдүнэн төрөөһүн аҕыйыыр, эдэр дьон ыал буоларга, оҕолонорго ыксаабаттар. Маны туоратарга «Семья», «Молодежь и дети», «Продолжительная и активная жизнь» диэн саҥа национальнай бырайыактар кэлэр сылтан үлэлиэхтэрэ.
Саха сиригэр
Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө Дьокуускайга Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн киинин арыйбыттара. Биир этээстээх, 431 кв. м иэннээх дьиэҕэ «Сардаана» кэбиниэт үлэлиир. Бу кэбиниэт хат дьахталларга, ийэлэргэ социальнай-реабилитационнай, чэбдигирдэр көмөнү оҥорор. Маны тэҥэ, тренажернай саала, ийэ-оҕо хоһо, туус хоһо, оҕо оонньуур хоһо баар. Барыта аныгылыы хааччыллыылаах. Улаатан эрэр оҕолорго «Перспектива» кулууп, аҕаларга «Папа и я» кулууп үлэлииллэр. Дьиэ кэргэттэргэ «биир түннүк» быһыытынан элбэх көмөнү оҥорор.
Элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ кэргэн кииннэрэ Чурапчыга уонна Намҥа номнуо үлэлииллэр. Бу сылга өссө Мииринэйгэ аһылынна. Дьиэ кэргэн сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бэртээхэй бэлэх буолар.
Дьиэ кэргэн сылыгар кэккэ көмө миэрэлэрэ киирдилэр: эдэр дьон 25 саастарыгар диэри саахсаланнахтарына, 50 тыһ. солк. төлөнөр буолла. Үһүс оҕоҕо бэриллэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын суумата икки төгүл эбиллэн, 300 тыһ. солк. тэҥнэспитэ. Сыл бүтүүтэ Ил Дархан бу хапытаалы төрдүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо эмиэ биэрэргэ этии киллэрбитэ.
СЫЫППАРАЛАР
Саха сиригэр
11
ый устата
9834 оҕо төрөөтө.
Маны тэҥэ, Саха сиригэр бэрэсидьиэн ыйаахтарын толорон, кэккэ миэрэлэр ылыллыбыттара: элбэх оҕолоох ыалларга хомунаалынай өҥөҕө чэпчэтии, үөрэнээччилэр уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айаннара уонна оскуолаҕа босхо аһыыллара, судаарыстыбаннай, муниципальнай бас билиигэ баар култуура, успуорт тэрилтэлэригэр босхо сылдьыы, о.д.а. Демографияҕа бастыҥ көрдөрүүлээх улууска, куоракка Ил Дархан грана олохтоммута.
Саха сиригэр 34 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал баар. Кинилэри өйүүргэ 50-тан тахса көмө миэрэтэ үлэлиир.
Бастыҥнары чиэстээһин
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинигэр ситиһиилээх, бастыҥ дьиэ кэргэттэри чиэстээбиттэрэ.
«Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэни Ил Дархан быйыл от ыйыгар олохтообута. Аан бастакы бэлиэни Анастасия, Николай Ефремовтарга туттарбыттара. Маны тэҥэ, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэнэн Тамара, Василий Сорокоумовтары (Дьокуускай), Мария, Вячеслав Юрьевтары (Хаҥалас), Галина, Николай Гороховтары (Дьокуускай), Матрена, Федосий Ефремовтары (Таатта), Наталия, Николай Заровняевтары (Бүлүү) наҕараадалаабыттара. Бу саҥа олохтоммут бэлиэни үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорбут, элбэх оҕону атахтарыгар туруорбут, дьиэ кэргэн сыаннастарын тарҕатар, атыттарга холобур буолар ыалларга туттараллар.
Быйыл «Бастыҥ дьиэ кэргэн-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска 110 дьиэ кэргэн кыттыбыта. Кыайыылаахтары 7 номинациянан талбыттара: «Кыһыл көмүс ыал» — Алексеевтар (Сунтаар); «Элбэх оҕолоох ыал» — Новгородовтар (Нам); «Оҕону иитэр ыал» — Павловтар (Дьокуускай); «Тыа сирин ыала» — Сидоровтар (Мэҥэ Хаҥалас); «Көс ыал» — Соловьёвтар (Муома); «Эдэр ыал» — Владимировтар (Ньурба); «Үйэлээх үгэстээх ыал» — Рязанскайдар (Амма).
САЛАЙААЧЧЫ САНААТА
“Дьиэ кэргэн төрүтэ үйэлээх үгэспит буолар”
Георгий Степанов, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.
– Дьиэ кэргэттэри өйөөһүн – судаарыстыбаннай бэлиитикэ төрүтэ буолар. Ыал үчүгэйдик олорор буоллаҕына, судаарыстыба туруктаах буолуутун туоһулуур. Дьиэ кэргэн төрүтэ үйэлээх үгэспит буолар.
Бу ааспыт сыл түмүгүнэн, Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэригэр төрөөһүн көрдөрүүтүнэн лиидэр буолла. Нэһилиэнньэ ахсаана 1 мөлүйүөн буоларын ситистибит. Онон Дьиэ кэргэн сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөһүнү уонна оҕо ахсаанын элбэтэргэ туһуламмыт, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри, ийэ-аҕа буолууну өйүүр миэрэлэр көдьүүстээхтик үлэлииллэр.
ХААРТЫСКА: ҮЛЭ УОННА СОЦИАЛЬНАЙ САЙДЫЫ МИНИСТИЭРИСТИБЭТЭ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: