Дьиэ кэргэттэри өйүүр саҥа миэрэлэр
2024 сылга дьиэ кэргэттэри өйүүр ханнык миэрэлэр ылылыннылар?
2024 сыл тохсунньутуттан аан бастаан ыал буолар, 25-гэр диэри саастаах эдэр дьоҥҥо 50 тыһыынча солкуобай төлөнөр буолбута.
Элбэх оҕолоох ыаллар биир кэлим статустара федеральнай таһымҥа бигэргэтиллбитэ. Саха сиригэр бэриллэр дастабырыанньалар Арассыыйаҕа барытыгар дьайаллар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр кэккэ миэрэлэр ылыллыбыттара:
- түмэллэргэ босхо сылдьыы;
- үөрэнээччилэр босхо айаннара;
- оскуолаҕа, уһуйааҥҥа босхо аһылык;
- хомунаалынай өҥөҕө 30 % чэпчэтии;
- үлэтэ суох төрөппүттэр босхо үөрэнэллэр;
- култуура, успуорт тэрилтэлэригэр чэпчэтиилэр;
- тырааныспар нолуогуттан босхолонуу.
2024 сыл балаҕан ыйыттан элбэх оҕолоох ыаллар устудьуон оҕолоро орто үөрэххэ наадалаах идэҕэ киирдэҕинэ, 50 тыһыынча солкуобай биирдэ төлөнөр буолла.
Чурапчыга, Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Дьокуускайга Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор 4 киин аһылынна.
«Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала икки төгүл улаатан, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. 2025 сылга индексацияланан, өссө үрдээтэ. Быйылгыттан бу хапытаалы оҕо тииһин эмтэтэргэ уонна эмтэнэ барарга айан ороскуотугар туһаныахха сөп буолла.
Демография уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр үчүгэй түмүктэри ситиһии иһин бэриллэр Ил Дархан гранын Горнай улууһугар туттардылар.
Аҕам саастаах уонна инбэлиит дьоҥҥо социальнай хантараакка саҥа хайысхалар киирдилэр.
Обургу оҕолорго «Мин бастакы хамнаһым» диэн анал бырагыраама үлэлээтэ. Быйыл Горнай уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар, Дьокуускайга үлэлээтэ.
Бары улуустарга реабилитация малларын уларсар пууннар аһылыннылар.
Горнай, Нам, Таатта, Чурапчы улуустарыгар өр кэмнээх көрүү-истии систиэмэтин федеральнай пилотнай бырайыага үлэлээтэ.
Кыаммат аймахтарын көрөн-истэн олорор дьоҥҥо оскуолалар 26 улууска аһылыннылар.
100 саастарын туолбут дьоҥҥо «Үйэ саас» бэлиэни кытта бэриллэр суума 10 төгүл эбиллэн, 1 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. 2024 сылга 17 киһи «Үйэ саас» бэлиэни ылбыта.
Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр 1 мөлүйүөн солкуобайы биэрэр буоллулар.
Сэрии оҕолоругар Кыайыы күнүгэр сыл аайы төлөбүр ананар буолла.
Уһун үйэлэниини сайыннарыы муниципальнай бырагыраамалары кыттыгас үбүлээһин мэхэньииһимэ оҥоһулунна. 2024 сылга Алдан, Мииринэй, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Амма улуустарыгар уопсайа 5 мөлүйүөн солкуобайдаах субсидия бэрилиннэ.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, дьиэ кэргэттэригэр социальнай реабилитация бырагыраамата үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: