Дьиэ кыыла өлүүттэн быыһыыр дуо?

Share

Дьиэ кыыллара хаһаайыннарыгар анаммыт олох охсууларын бэйэлэригэр ылыналлар диэн санаа уруккуттан баар. Хаһаайын уонна кыыл ыкса ситимнээх, бэйэ-бэйэлэрин кытта истиҥ сыһыаннаах буоллахтарына, биир энергетическэй хонууга киирэн хаалаллар диэн кэпсииллэр. Кырдьык даҕаны, дьон кыылы доҕор оҥостоору иитэр, көрөр-истэр буоллаҕа. Доҕорун таптаабакка! Онон кэмниэ-кэнэҕэс кыылы кытта биир эйгэлэнэн, сорох ардыгар солбуллубат чааһыҥ да курдук буолан хаалара баар бөҕө буоллаҕа.

Бу маннык үтүө эйэргэһии киһи уонна ыт, куоска икки ардыгар олус күүстээх. Биир дьиэҕэ олорон, күннэтэ бүөбэйдээн, көрөн-истэн, аһатан-
сиэтэн, таптаан, кэпсэтэн, кыыл киһиттэн олус тутулуктаах буолан хаалар. Онон кини чугас доҕорун доруобуйатыгар туох эбит охсууну ылаары, олоҕор куттал үөскээри гыннаҕына, дьиэ кыыла маны билиэн, сэрэтиэн, бэл, олоҕун толук ууруон сөп эбит.

Бэтэринээр кэпсээнэ

Илин эҥээр баар улууска олорор кырдьаҕас бэтэринээр кыыл уонна хаһаайын тэҥҥэ ыалдьыбыттарын уонна ыарыыттан өрүһүйбүттэрин туһунан биир дьикти быһы-
лааны кэпсээн турардаах.

— “Ыппыт туох эрэ буолла, арааһа, ыарыйда быһыылаах” диэн эрийэн “вызовка” ыҥырдылар. Ыт мээнэ ыалдьыбат, буолаары буолан, дэриэбинэ ыта. Этиллибит аадырыска тиийбитим, “ыарыһахтара” сатаан турбат да, олорбот да, арай тыынын быыһынан нэһиилэ сытар эрэ. Тугу эбит буорту буолбуту сиэн, атырабыыс буолбута буолуо диэн сабаҕалаатым. Этин температурата үрдээбит, сүрэҕин тэбиитэ бытаарбыт. Хаһааҥҥыттан маннык туруктаммытын, тугу аһаппыттарын хаһаайыныттан ыйыттым. Онуоха бу дьон быстах кэмҥэ көрө ылбыт ыттара эбит. Ыт дьиҥнээх хаһаайына оһоллонон, этин-сиинин уокка сиэтэн балыыһаҕа киирбитэ уонча күн буолбут эбит. Ол киһи бу ыты хара төрүөҕүттэн көрбүт, оҕотун курдук бүөбэйдиирэ, оннооҕор кыһыннары дьиэ иһигэр бэйэтин оронун аттыгар хоннороро үһү. Ыт хаһаайынын суохтаан бастакы күннэргэ улаханнык ханна да барбатах-
кэлбэтэх, биир кэм сыппыт, тугу биэрэллэрин аһыыра, уулуура диэн дьиэлээх киһи кэпсээтэ. Онтон сыыйа-баайа туруга мөлтөөн, сытыах эрэ буолан хаалбыт. Дьиэлээхтэр тута хаһаайынын суохтаата, биһигини атыҥыраата быһыылаах диэн сэрэйбиттэр. Мин тугу да улаханнык көмөлөһөр кыаҕым суоҕа, укуол туруордум быһыылааҕа. Хата, дьолго ыт хаһаайына сотору кэминэн этэҥҥэ буолан, үтүөрэн дьиэтигэр тахсыбыт диэн истибитим. Ыта эмиэ, сымыйанан эппит курдук, үтүөрэн хаалбыт үһү. “Тур, хаһаайыҥҥар илдьиэхпит, билигин дьиэлиигин” диэттэрин кытта хап-сабар ойон туран, сүүрэн-көтөн, кутуругун эйэҥэлэтэн барбыт.

Ыт уонна хаһаайын ураты сыһыаннаахтарын туһунан идэлээх киһи буоларым быһыытынан маннык көстүү баарын төрүкү билэбин. Онон кыыл ыалдьар түгэнигэр,
хаһаайын бэйэтин олоҕор болҕомто ууруохтаах диэн санаалаахпын, — диэн үйэтин-сааһын тухары кыыллары эмтээбит бэтэринээр сэһэргээбитин санаан кэлэн, бу туһунан ааҕааччыларбытыгар үллэстэргэ сананным.

Тэҥҥэ ыалдьыахтарын сөп

Дьиэ кыыла настарыанньаны көтөҕөрүн таһынан, өссө хаһаайын ыарыытын бэйэтигэр ылыныан сөп диэн учуонайдар дакаастаабыттар эбит. Аан дойдуга зоотерапия диэн дьиэ кыылларын көмөтүнэн эмтэнии ньымата 18‑с үйэттэн тарҕаммыт. Инньэ гынан, билигин исписэлиистэр куһаҕан дьайы эмтиир биэс кыылы ордук бэлиэтииллэр: куоска, ыт, сылгы, тигээйи уонна эриэн үөн. Бу кыыл хас биирдии көрүҥэ бэйэтэ эмтиир ыарыылардаах эбит. Ол курдук, сылгы киһи тирэнэр-хамсанар аппараатын ыарыыларын суох оҥоруон, наркотиктан уонна арыгыттан тутулуктаах дьону эмтиир кыахтаах.

Оттон ыттар депрессияҕа ылларбыт уонна сүрэх ыарыылаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр диэн учуонайдар үөрэппиттэр. Маны таһынан бу дьиэтээҕи доҕор искэн араас көрүҥнэрин быһаарыан сөп. Итиэннэ араас ыарыы кэнниттэн чөлгө түһүүгэ ыттар эмиэ көмө-тирэх буолаллар диэн суруйаллар.

Куоскалар киһи уорганнарыгар тахсар баастары, искэннэри билиэхтэрин, аны ньиэрбэ ыарыыларыттан харыстыахтарын, депрессияттан тахсарга көмөлөһүөхтэрин сөп. Тигээйи оҥорор мүөтэ, прополис, эриэн үөн дьаата мэдиссиинэҕэ да, косметологияҕа да киэҥник туттулларын бары бэркэ билэр буолуохтааххыт.

Учуонайдар үөрэппиттэр

Берлин куоракка баар геронтологическай институт учуонайдара үөрэппиттэринэн, куосканы таптааччылар олохторо 10 сыл кэриҥинэн уһуон сөп эбит. Бу барыта куоска таптыыр хаһаайынын араас ыарыыттан, дьаҥтан-дьаһахтан быыһыырын, эмтиирин иһин диэн дакаастаабыттар. Куоска курдьугунуур тыаһын колебаниета киһи ыалдьыбыт уорганын ультразвук курдук эмтээн үтүөрдэр үһү. Ону хаһаайына бэйэтэ да билимиэн сөп эбит.

Манна даҕатан суруйдахха, куоска хаартыската кытта эмтиир уратылаах эбит. Онон санааҕа ылларбыт дьон интэриниэккэ киирэн, куоскалар хаартыскаларын көрөллөрө, таптыыллара, кэпсэтэллэрэ туһалаахтык дьайыа диэн анал үөрэхтээхтэр эмиэ бэлиэтээн суруйаллар.

Оттон сеттер, ретривер, спаниель курдук булчут боруодалаах ыттар хаһаайыннара уһун олохтоноллор эбит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Пушкин каартатын» туһаныыга Опера, балет тыйаатыра бастаата

"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар.  "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бу сылга уоппускаҕа ханнык ыйдарга барар табыгастааҕый?

2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Эйгэ» үҥкүү ансаамбыла норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээлгэ Гран-при ылла

2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

РФ Бырабыыталыстыбатыгар уот эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр

РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…

52 минуты ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эбэтин харчытын суйдаппыт

Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

1 час ago