Дьиэ кыылларын ыалларга түҥэтэр дьаарбаҥка буолуоҕа
Бэс ыйын 16 күнүгэр Дьокуускайга Аччыгый баһаарга дьиэ кыылларын ыалларга биэрэр дьаарбаҥка ыытыллыаҕа. Дьаарбаҥка «Хас биирдии дьиэҕэ — дьолу!» диэн ааттаах.
Дьаарбаҥкаҕа кэлбит хас биирдии киһи кыыллары аттааһын, быһыыны биэрии, көрүү-харайыы боппуруостарыгар волонтердартан сүбэ-ама ылыан, ону тэҥэ, сөбүлээбит ытын-куоскатын илдьэ барыан сөп.
Дьаарбаҥкаҕа «Помоги выжить» волонтерскай хамсааһын кыыллара эрэ кытталлар. Бу ыттары, куоскалары барыларын бэтэринээр көрбүт, наадалаах быһыылары биэрбит, онон ыарыылара суох, доруобайдар. Нэһилиэнньэттэн атын кыыллары ылбаттар.
Дьиэ кыылын ылыан баҕалаах киһи пааспардаах кэлэр, тоҕо диэтэр, булгуччу дуогабар түһэрсиллэр. Өскөтүн оҕо ылыан баҕарар буоллаҕына, төрөппүтүн кытта кэлэр.
Дьаарбаҥка сарсыарда 11 чаастан киэһэ 7 чааска диэри буолар.
Аччыгый баһаар аадырыһа: Дьокуускай к., Киров уул. 12/1. Билсэр төлөпүөн: 8(924)591 55 77.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: