От ыйын 12 күнүгэр СӨ Бэтэринээрийэҕэ управлениетын тэрийиитинэн бэтэринээринэй сулууспа үлэтин тупсарыыга анал тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол чэрчитинэн АГАТУ ипподромугар ынах сүөһүгэ үөскүүр тирии бааһыгар аналлаах үөрэтиилэр буоллулар. Манна кытта 19 улуустан кэлбиттэр.
Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Бу тэрээһин дойду бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран ыытыллар, сыала-соруга дьиэ кыылыгар ыарыы турдаҕына, бэтэринээрийэ үлэһиттэрэ бэйэ-бэйэлэригэр информацияны бэрсиһэ охсон, суһаллык тохтотор, аҕыйатар, суох оҥорор туһугар үлэлиэхтээтэхтэр. Бэтэринээринэй сулууспатын үлэтэ хааччыллыытыттан олус тутулуктаах, ол иһин быйылгыттан саҕалаан тырааныспарынан, оборудованиенан хааччыйыыны саҕалаатыбыт. Ол курдук, улуустар бэтэринээринэй сулууспалара бу саас Ил Дархан илиититтэн массыына күлүүһүн туппуттара, мантан салгыы матырыйаалынай-тэхиниичэскэй өттүнэн хааччыйыыны тэрийиэхпит.
Сергей Васильевич, бэтэринээрийэ үлэһиттэрэ дьону доруобай аһылыгынан хааччыйыыга биир сүрүн эппиэттээх үлэҕэ сылдьалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Игнатий Колодезников, СӨ Бэтэринээрийэҕэ управлениетын салайааччыта:
-Бүгүн АГАТУ баазатыгар ипподромҥа сыллата ыытыллар хамаанданан үөрэх буола турар. 8 атын тэрилтэттэн уонна 19 бэйэбит биэдэмистибэбит иһинэн баар тэрилтэлэр кыттыахтара. Быйылгы үөрэтиини ынах сүөһүгэ көстөр тирии ыарыытыгар ыытабыт. Сүрүн сорудахтара – эпидемиологическай куттал суоһаатаҕына тохтоторго төһө бэлэмнээхтэрин, сөпкө биологическай матырыйаалтан боруоба ылалларын, лабораторияҕа чинчийии оҥороллорун, харайалларын, тиэйэллэрин, ону таһынан дезинфекцияны хайдах оҥороллорун, хайдах харыстаналларын, докумуону толороллоругар тиийэ көрүөхпүт.
Күн бүгүн Арассыыйаҕа, биһиэхэ бу ыарыы суох, аны күһүн балаҕан ыйыгар ыыраахсыкка (ящур) эрэгийиэннэр икки ардыларыгар үөрэтиини ыытыахпыт.
Сунтаартан үс киһилээх хамаанда кэлбит: улуус бэтэринээрийэҕэ управлениетын начаалынньыга Степан Михайлов, Наталья Иванова, Юрий Гурьев. Кинилэртэн туох үөрэх буолаары турарын ыйыталастым. “Сыл аайы маннык үөрэх ыытыллар, быйыл нодулярнай дерматикка, ынах тириитигэр тахсар баастарга ыытыллар. Бу ыарыыны хааны оборор үөн-көйүүр тарҕатар. Биһиги сорудахпыт маннык – ыарыы турбут, онон 3-тэн 10 км-га диэри радиуска тугу гыныахтаахпытый диэн. Тугу сатыырбытын көрдөрөбүт, бу күрэхтэһии буолбатах. Былырыын маннык үөрэх африканскай чумааҕа ыытыллыбыта”, — диэн кэпсээтэ Наталья Иннокентьевна.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…