Дьиэ маастарыгар

Дьиэ маастарыгар

Ааптар:
21.09.2024, 20:20
Е.Попова хаартыската
Бөлөххө киир:

Мас кырыыһаны уоттан көмүскүүр ньыма

Көлөппүнэ эбэтэр лүөн арыытыгар  убатыллыбыт испиэскэ 3  өлүүтэ уонна бытархай кумах 1 өлүүтэ бииргэ үчүгэйдик булкуллар. Бу суурадаһынынан кырыыһа маһын иккитэ сотуллар. Уоттан эрэ буолбакка сииктэн эмиэ харыстыыр.

Тоһоҕолору дьэбинтэн харыстыыр ньыма

Тоһоҕолору туттуох иннинэ кытарыар диэри уокка ититэбит уонна тутатына сөрүүн лүөн арыытыгар сойута угабыт. Маннык арыыга хатарыллыбыт тоһоҕолор туох да буолбаттар, өр кэмҥэ дьэбиннирбэттэр.

Быһахтары түргэнник уонна үчүгэйдик сытыылыыр ньыма

Уулаах улахан чааскыга икки кымаах тууһу кутабыт уонна онно быһахтар биилэрин угабыт. Отучча мүнүүтэ буолан баран быһахтарбытын ылабыт, соппокко эрэ кыратык сытыылыыбыт. Мөлтөх да тимиртэн оҥоһуллубут быһах маннык ньыманан ордук сытыы буолар.

«Саха ыалын халандаарыттан»,

«Бичик» («Айар»)  кинигэ кыһата, 2006 с.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: