Мас кырыыһаны уоттан көмүскүүр ньыма
Көлөппүнэ эбэтэр лүөн арыытыгар убатыллыбыт испиэскэ 3 өлүүтэ, мас күлүн 2 өлүүтэ уонна бытархай кумах 1 өлүүтэ бииргэ үчүгэйдик булкуллар. Бу суурадаһынынан кырыыһа маһын иккитэ сотуллар. Уоттан эрэ буолбакка, сииктэн эмиэ харыстыыр.
Тоһоҕолору дьэбинтэн харыстыыр ньыма
Тоһоҕолору туттуох иннинэ кытарыар диэри уокка ититэбит уонна тутатына сөрүүн лүөн арыытыгар сойута угабыт. Маннык арыыга хатарыллыбыт тоһоҕолор туох да буолбаттар, өр кэмҥэ дьэбиннирбэттэр.
Быһахтары түргэнник уонна үчүгэйдик сытыылыыр ньыма
Уулаах улахан чааскыга икки кымаах тууһу кутабыт уонна онно быһахтар биилэрин угабыт. Отучча мүнүүтэ буолан баран быһахтарбытын ылабыт, соппокко эрэ кыратык сытыылыыбыт. Мөлтөх да тимиртэн оҥоһуллубут быһах маннык ньыманан ордук сытыы буолар.
«Саха ыалын халандаара», 2006 с. «Бичик» кинигэ кыһата.
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…