Дьиэ салгынын ыраастыыр сибэккилэр

Share

Дьиэбитин, кыбартыырабытын тупсаҕай көстүүлээри араас малы-салы, миэбэли атыылаһабыт. Кырдьыгын эттэххэ, хаһаайка үксэ бу састаабыгар болҕомто уурбакка, тас көстүүтүн эрэ көрөр. Оттон балар араас састаабы таһаарыахтарын сөп. Дьиэҕэ мунньуллар куһаҕан салгыны сибэкки ыраастыыр кыахтаах. Ханнык?

Сибэкки үүннэриитинэн дьарыктанар дьон бастакы миэстэҕэ хлорофитуму чорботон бэлиэтииллэр, ону ааһан, дьиэ тыҥата (“легкие”) диэн ааттыыллар. Бу сибэкки туох баар куһаҕан салгыны бэйэтигэр иҥэринэр кыахтаах эбит. Хаппырыыһа суоҕунан биллэр, онон ким баҕарар үүннэрэр кыахтаах.

Иккис миэстэҕэ, бенджамин фикуһа турар. Бэйэбит да билбэппитинэн дьиэ быылын кытта балачча элбэх куһаҕан салгыны, вируһу эҕирийэ сырыттахпыт. Бенджамин фикуһа дьиэ быылын, пластиктан, сорох миэбэлтэн тахсар куһаҕан салгыны хомуйан ылар уратылаах.

Үһүс миэстэҕэ спатифиллум турар. Атыннык женское счастье диэн ааттанар. Хаһаайкалар сибэккитин туһугар олордоллор, дьиэни ыраастыырын үгүстэр билбэт да буолуохтаахтар. Түүнүк споратын, ону таһынан, формальдегид, трихлорэтилен салгынын суох оҥорор. Бу сибэккини дьиэҕэ антуриуму (мужское счастье) кытта тутар ордук табыллар диэн бэлиэтииллэр.

Төрдүс миэстэҕэ сансевиерия сибэкки турар. Атыннык “тещин язык” диэн ааттыыллар. Балачча бытааннык үүнэр, хаппырыыһа суох сибэкки. Кислород генераторынан биллэр, ону ааһан, иммунитеты бөҕөргөтөр уонна табах буруотуттан харыстыыр дииллэр.

Бэһис миэстэҕэ герань сибэкки турар. Бу сибэккиттэн дьон аллергиялыыр дииллэр эрээри, араас микробу уонна бактерияны кытта охсуһар күүстээҕинэн биллэр. Герань эфирнэй арыылаах буолан, барсар дьонугар чахчы көмөлөһөр кыахтаах. Утутар, уоскутар диэн бэлиэтииллэр.

What’s your Reaction?
+1
27
+1
1
+1
0
+1
1
+1
4
+1
2
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

9 часов ago