Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһын уоргана Үөһээ Бүлүү улууһугар отчуотун кэмигэр гражданнары «приемнаатылар». Бастакынан 86 саастаах ытык кырдьаҕас Прокопий Иванович Максимов сырытта. Кини Дьокуускай куоракка саҥа таас дьиэ тутуутугар кыттыгас харчы уган баран албыннаппыт.
Тутуу министиэристибэтин Тутууга уонна олох-дьаһах бэлиитикэтигэр департаменын салайааччытын солбуйааччы Марианна Соловьева саастаах киһи докумуоннарын көрөн, тута быһааран биэрдэ.
«Прокопий Иванович албыннаппыт өлүүлэһээччилэр эрэгийиэннээҕи реестрдэригэр уочаракка турар эбит. Кини ТО «Прит РС(Я)» харчытын уган киирбит. Докумуонуттан көрдөххө, Өрөспүүбүлүкэтээҕи гражданнар уонна өлүүлэһээччилэр бырааптарын көмүскүүр пуондаҕа бу докумуон үлэҕэ сылдьар. Ааспыт 2023 с. уочаракка саҥа туруорбуттар, онон харчы көрүлүннэҕинэ бу сыл бүтүүтэ эбэтэр кэлэр сылга харчынан биэриэхтэрэ. Бу сорудаҕы Өрөспүүбүлүкэтээҕи гражданнар уонна өлүүлэһээччилэр бырааптарын көмүскүүр пуонда генеральнай дириэктэрэ Наталья Чусовскаяҕа ыытыам, кинилэр икки нэдиэлэ иһигэр эппиэттиэхтээхтэр», — диэн быһаарда.
Үөһээ Бүлүү ытык кырдьаҕаһа сөптөөх боппуруоһун чопчулатан, бигэ хоруйу ылан, кыһалҕатын быһаартаран, астынан барда.
Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…