Салгыы
Дьиэ ырыынага хайа диэки «тэйбэҥниир»

Дьиэ ырыынага хайа диэки «тэйбэҥниир»

08.09.2024, 16:00
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

От ыйыттан туох да чэпчэтии көрүллүбэт дьонугар кыбартыыра сыаната киһи чугаһаабат гына үрдээн, үүтү-хайаҕаһы көрдөөһүн буолла. Өссө Уһук Илин уокуругун эдэр ыаллара, педагогтара, мэдиссиинискэй үлэһиттэрэ уһук илиҥҥи ипотеканан туһанар эбит буоллахтарына, киин эрэгийиэннэр олохтоохторо истэн эрэ хааллылар.

Онон аадырыстаах ипотека бырагыраамалара кэлиэхтэрин сөп. Бу бырагыраама уратыта диэн, олорор дьиэ ырыынагар сыана араастаһыытын таһаарыа суоҕа, ону тэҥэ чахчы чэпчэтиигэ наадыйар нэһи­лиэнньэҕэ туһаайыылаах буолуо дииллэр.

Социальнай ипотеканы туох идэлээх дьоҥҥо биэрээри гыналларый?

Быраастарга, учууталларга уонна социальнай үлэһиттэргэ. Ону таһынан, эдэр испи­сэлиистэри уонна бырамыысыланнас, тутуу, билим эйгэтигэр үлэлиир дьону, ону тэҥэ аҕы­йах нэһилиэнньэлээх эрэги­йиэннэргэ дьиэ тутуутун көҕүлүүр сыалтан олорго киллэриэх курдуктар. Госдуума үпкэ ырыынагын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Аксаков, аныгыскы сиэсси­йэни хас да саҥа бырагырааманы дьүүллэһииттэн саҕалыахпыт, дьон олорор дьиэни атыылаһарын судургутуохпут, диэн “Парламентскай хаһыакка” кэпсээтэ.

Бырамыысыланнас ипотеката бастакылаан иһэр, үрдүк технологическай оҥорон таһаа­рыыга үлэлиир дьоҥҥо бэриллиэхтээх, дииллэр маннык ипотеканы киллэриэн баҕалаах дьокутааттар.

Билимҥэ урукку сэбиэс­кэй кэмнээҕи академ-куораттар курдук научнай-производственнай кииннэри тэрийэр сорук турар. Оччотугар 35-гэр диэри саастаах эдэр киһи билим эйгэтигэр саҥа көрүүтүн киллэрэр, ону таһынан, олорор дьиэтин эмиэ чэпчэтиилээх усулуобуйанан ылар кыахтанар.

Аҕыйах нэһилиэнньэлээх сирдэри – саҥа эрэгийиэннэри, Уһук Илини, Уһук Хоту сири өйүүр үлэ салҕаныа. Саамай сүрүнэ, бу дьон улахан куораттарга барбакка, төрөөбүт сирдэрин, куораттарын сайыннарыахтаахтар.

Билиҥҥитэ дойдубутугар IT, тыа сиринээҕи, дьиэ кэргэн, Уһук Илиҥҥи эбэтэр Арктикатааҕы чэпчэ­тиилээх бырагыраамалар үлэлии тураллар. Балар бырыһыаннара кыра, ол эрээри сүрүн ыстаапка балаҕан ыйыгар 20 % буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар. Оччотугар балаһыанньа хайдах буолуо эмиэ биллибэт.

Киһи тиэрэ кэлэн түһэр сыаната

Дьокуускайга урут-уруккуттан дьиэ сыаната үрдүк.

Дьэ манна 12,5 мөл. солк. кыбартыыра төлөбүрүн быһа холуйан аахпыттарын аҕалыахха. Болдьоҕо 20 сыл. Бастакы ууран биэриитэ – 20 % (2,5 мөл. солк.) Кирэдьиит сыаната – 10 мөл. солк. Ыстаапка – 19 %.

Дьэ маннык түгэҥҥэ ыйдаа­ҕы төлөбүр 162 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Ол эбэтэр, бу киһи саамай кырата 324 тыһ. солк. хамнастаах буолуохтаах. Атын ханнык да кирэдьиитэ суох.

Аны бу сууманы от ыйыттан тохтотуллубут 8 %-наах кирэдьиитинэн аахтахха, ыйдаа­ҕы төлөбүрэ 83644 солк. тахсан кэлэр. Бу да киһи мыыммат суумата эбит.

Аны саамай дьоҕус суумалаах устуудьуйаны ылан көрүөххэ. Туох да чэпчэтиитэ суох 31 кв. м устуудьуйа 5 100 мөл. солк. турар. Бастакы ууран биэрии суумата – 770 тыһ солк. Чэпчэтиитэ суох базовай ыстаап­канан – 21 %-нан бардаҕына, бу киһи 30 сыл устата ый аайы 78 300 солк. төлүүрүгэр тиийэр.

Арай өскөтүн Уһук Илиҥҥи ипотеканан бу устуудьуйаны ылан көрдөххө, сыана хайдах буолан тахсар. Уһук Илиҥҥи ипотека саамай уһун болдьоҕо 20 сыл. Бастакы төлөбүрүн ууран биэрбитин кэнниттэн,
2 %-наах ипотеканан ыйдааҕыта быһа холуйан 20 600 солк. буолан тахсар.

Балаҕан ыйыгар уларыйыы киириэн сөп

Тыа сиригэр олорор дьоҥҥо “Тыа сирин ипотеката” диэн 3 %-наах ипотека баар. 8 %-наах ипотека тохтообутун кэннэ, Арассыыйа үгүс олохтоо­ҕо манна «ыстаммыта».

Саха сиригэр “Тыа сирин ипотекатын” Сбербаан уонна “Россельхозбаан” биэрэллэр.  “Россельхозбаан” атыыга партнердуу ханаалы сайыннарыыга салаатын начаалынньыга Варвара Старостина этэринэн, баан 1 млрд 193 мөл. солкуобайга 403 тыа сирин ипотекатын биэрбит.

Бу баан 6 мөл. солк. суумаҕа диэри кирэдьиити биэрэр, саамай улааппыта 25 сылга диэри. Бастакы ууран биэриитэ 20 бырыһыантан саҕаланар, манна ийэ, өрөспүүбүлүкэ  хапытааллара киирэллэр. Тэҥҥэ төлөһөр киһилээх буоллаҕына, 75 сааһыгар да диэри ылыан сөп. Бу суумаҕа киһи бэйэтэ учаастак атыылаһан туттуон эбэтэр бэйэтэ учаастактаах буоллаҕына, онно дьиэ туттуон да сөп. Ону таһынан, 5 сыл иһигэр тутуллубут бэлэм чааһынай дьиэни итиэннэ 5-кэ диэри этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ кыбартыыра да атыылаһыан сөп. Дьиэ туттар буоллаҕына, аккредитованнай биригээдэни наймылаһар, бэйэтэ туттубат.  Тыа сирин ипотеката, биллэн турар, Дьокуускайга уонна Нерюнгрига бэриллибэт. Оттон Мииринэйгэ дьиэни туппут тэрилтэттэн кыбартыыраны атыылаһыахха сөп.

“Балаҕан ыйыгар уларыйыы киириэн сөп диэн сабаҕалыыллар. Билиҥҥитэ туохха киирэрэ чуолкайдана илик, ол гынан баран, тыа сирин ипотекатыттан 30 тыһыынчаттан элбэх киһилээх нэһилиэнньэлээх пууннары таһааран кэбиһиэхтэрин сөп, – диир Варвара Викторовна. – Башкортостаҥҥа күҥҥэ 82 мөл. солк. суума­лаах кирэдьиити биэрэ олороллор. Тоҕо эрэ наһаа ыксыыллар. Биһиэхэ итинник нэһи­лиэнньэлээх пууннарга улуустарга баар куораттарбыт, улуус кииннэрэ хапсыахтарын сөп. Ону таһынан, 3 бырыһыаннаах  кирэдьиити бырыһыанын улаатыннарыахтарын сөп”.

Дьэ онон тыа сиригэр сир ылар, дьиэ туттар былааннаах дьон эмиэ ыксыыллара наада буолбут.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
4
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: