Салгыы
«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

22.11.2024, 13:00
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр бииргэ көдьүүстээхтик үлэлииллэрин тэрийиигэ «Дьиэҕэ төннүү» диэн ааттаах сэминээр үлэтин саҕалаата.

Сэминээргэ Москваттан, Сахалин, Амур уобалаһыттан кэлбит эспиэрдэр үлэ сүрүн хайысхатын торумнуохтара, тэрээһин бырагырааматыгар управлениелар икки ардыларынааҕы сыһыан таһымын үрдэтэр дьыалабыай оонньууну, ону тэҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта конструктивнай сибээс инструменнарыгар үөрэтиэхтэрэ.

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэриттэн, биэдэмэстибэлэриттэн, араас тэрилтэлэриттэн, чугастааҕы улуустартан, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан  176 сиртэн, 36  олохтоох дьаһалтаттан, 140 нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун кииниттэн, оройуоннааҕы киин балыыһалартан, дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтиттэн, Элбэх өҥөнү оҥорор киинтэн, психологичекай сулууспаттан, о.д.а. видеоконференц-сибээһинэн холбонон кытталлар.

«Вера» нэһилиэнньэҕэ социальнай уонна психологическай көмөнү оҥорор аһымал киин дириэктэрэ, сэминээр салайааччыта Влада Савеличева былаас уоргана анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары бииргэ көдьүүстээх үлэлээһиннэрин тэрийии туһунан кэпсээтэ.

«Биһиги бу иннинэ маннык тиэмэнэн Сахалин, онтон Амур уобалаһыгар сэминээрдэри ыыппыппыт уонна бүгүн Саха сиригэр үлэлиибит. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары үлэлииргэ систиэмэ улаханнык ноҕуруускаланна. Ардыгар систиэмэ кыайбат түгэннэрэ бааллар. Уоппускаҕа кэлбит эбэтэр бүтэн кэлбит байыаннай дьайыы кыттыылаахтара көмө көрдөөн тэрилтэҕэ тиийдэхтэринэ, үксүгэр ити боппуруоһунан биһиги дьарыктаммаппыт диэн төттөрү-таары ыыталыыр түгэннэрэ баар. Оннук тахсыбатын туһугар, сөптөөх хайысханы тутуһан, тэрилтэлэр өттүлэриттэн көдьүүстээх бииргэ үлэлээһин барыахтаах. Бу сэминээр онно ананар», — диэтэ кини.

СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары үлэлииргэ бу олус наадалаах тэрээһин буоларын бэлиэтээтэ уонна сэминээр кыттыылаахтарыгар таһаарыылаах үлэни баҕарда.

«Хомойуох иһин, анал байыаннай дьайыыга Саха сириттэн элбэх киһи кытта сылдьар, сорохтор төннөн кэлэн олоххо миэстэлэрин була сатыы сылдьаллар. «Дьиэҕэ төннүү» тиэмэтэ билиҥҥи кэмҥэ олус улахан суолталаах. Тэрээһин сүрүн сыалынан бырабыыталыстыба уорганнарын уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр икки ардыларыгар көдьүүстээх сибээһи олохтооһун буолар. Бу дойдуларыгар эргиллэн кэлбит саллааттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ социальнай адаптация боппуруостарын быһаарыыга, биллэн турар, көмөлөһүөҕэ. Төһө да бырабыыталыстыба өйөбүлүн дьаһаллара олоххо киирбиттэрин үрдүнэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кыһалҕаларын быһаарыы үгүс өрүттэрэ кыаллыбакка турар, онуоха биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы комплекснай систиэмэтэ оҥоһуллара сөптөөх», — диэтэ Георгий Михайлов.

Тэрийээччилэр сэминээр түмүгүнэн былаас уорганнарын тэрилтэлэрин икки ардыларыгар сибээс тупсуо, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл систиэмэтин уопсай көдьүүһэ үрдүө диэн эрэллээхтэр. Маннык сэминээр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын эйэлээх олоххо миэстэлэрин булалларын тэрийии эрэ буолбакка, дьиэ кэргэттэригэр уонна уопсастыбаҕа чэпчэкитик төннөллөрүгэр өйөбүл систиэмэтин үөскэтии буолар. Дойдуларыгар төннүбүт дьону кытта үлэлиир араас тэрилтэлэр бииргэ үлэлээһиннэрэ туруктаах социальнай эйгэҕэ тирэҕинэн буолуоҕа.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: