Дьиэни арчылыырга

Share

Дьиэни арчылыырга хайаан да дьиэ хайдах сиргэ тутулларын чинчийэр булгуччулаах.

Сорох дьиэ таһыгар улахан хаппыт мас (эбэтэр мастар) үүнэн турар буолааччы, былыргы айан суола ааһар эбэтэр тымныы салгын кэлэр сирэ буолуон эмиэ сөп. Ол — куһаҕан. Улахан мастарга дьон кырыыс тыла иҥэн хаалар эбэтэр абааһылар сөрүөстэллэр дииллэр. Ол иһин хаппыт мастары барытын тоһута тутан,  алдьатан, уматан кэбиһиэхтээххин.

Дьиэҕэ ыарытыйар киһи баар буоллаҕына, сотору-сотору дьиэлээх дьон айдаарсар, иһэр-аһыыр буоллахтарына, ытааһын-соҥооһун баар буоллаҕына, арчы сиэрэ-туома хаста да оҥоһуллуохтаах.

Сиэр-туом оҥоһуллар кэмэ ханнык баҕарар күҥҥэ буолар, ол гынан баран сарсыарда эрдэ оҥоһуллара ордук. Сахалар өйдөбүллэринэн, сарсыарда, ол эбэтэр саҥа күн үүнүүтэ — иччилэр, айыылар киһиэхэ хайыһар кэмнэрэ, ол иһин дьайаллара күүстээх буолар.

А.С.Федоров «Саха ыалын сиэрэ-туома» кинигэтиттэн.

«Айар», 2023 с.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар айан: Ырбайбыт ыт, »хаардаах» хайа…

Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутунан дьаһал ылыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…

46 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 188 баһыылка тиэрдилиннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Давай бросать» диэн никотинтан аккаастаныы марафона саҕаланна

Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар  никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Буойун» киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ

"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥаластар Өлүөнэ өрүс кытылын ыраастаатылар

Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.  …

3 часа ago